Аян Саргыдаевы улууһун дьоно чиэстииллэр
Бэҕэһээ Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев байыаннай дьайыы байыаһын, биир дойдулааҕын Аян Саргыдаевы кытта көрүстэ.
Аян дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ уоппускаҕа кэлэ сылдьар. Улуус баһылыга Валерий Николаев Аҕа дойдуну көмүскээччигэ бэлэх туттарда уонна алгыһын эттэ.
«Биир дойдулаахпыт, Аҕа дойдуну көмүскээччи өрүү харысхаллаах буоллун, кыайыы кынаттаах дойдутугар эргиллэн кэллин диэн алгыс тылбытын этэн туран, Чап уустара оҥорбут быһахтарын улуус дьаһалтатын аатыттан бэлэх туттардым. Билигин Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө хомулла турар. Күн ахсын биир дойдулаахтарбыт гуманитарнай көмөнү улуус, нэһилиэктэр дьаһалталарыгар кэлэн туттараллар. Ону сэргэ, улуустааҕы бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ биир күннээҕи хамнастары пуондаҕа көмө быһыытынан биэрдилэр. Сэтинньи ый ортотугар Үөһээ Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтэ гуманитарнай көмөнү быйыл үһүс төгүлүн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар илдьэргэ бэлэмнии сылдьар», — диэн улуус баһылыга Валерий Николаев санаатын үллэһиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: