Аян Саргыдаевы улууһун дьоно чиэстииллэр

Share

Бэҕэһээ Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев байыаннай дьайыы байыаһын, биир дойдулааҕын Аян Саргыдаевы кытта көрүстэ.

Аян дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ уоппускаҕа кэлэ сылдьар. Улуус баһылыга Валерий Николаев Аҕа дойдуну көмүскээччигэ бэлэх туттарда уонна алгыһын эттэ.

«Биир дойдулаахпыт, Аҕа дойдуну көмүскээччи өрүү харысхаллаах буоллун, кыайыы кынаттаах дойдутугар эргиллэн кэллин диэн алгыс тылбытын этэн туран, Чап уустара оҥорбут быһахтарын улуус дьаһалтатын аатыттан бэлэх туттардым. Билигин Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө хомулла турар. Күн ахсын биир дойдулаахтарбыт гуманитарнай көмөнү улуус, нэһилиэктэр дьаһалталарыгар кэлэн туттараллар. Ону сэргэ, улуустааҕы бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ биир күннээҕи хамнастары пуондаҕа көмө быһыытынан биэрдилэр. Сэтинньи ый ортотугар Үөһээ Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтэ гуманитарнай көмөнү быйыл үһүс төгүлүн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар илдьэргэ  бэлэмнии сылдьар», — диэн улуус баһылыга Валерий Николаев санаатын үллэһиннэ.

#СВОихНеБросаем

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Арассыыйа бүддьүөтүн сокуонун барыла иккис ааҕыытын ааста

Судаарыстыбаннай Дуума сэтинньи 14 күнүнээҕи мунньаҕар дьокутааттар дойдубут кэлэр сыллааҕы үбүн сүрүн сокуонун барылын иккис…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев национальнай бырайыактар олоххо киириилэрин бэрэбиэркэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 14  күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарын олоххо…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сунтаарга бизон төбөтүн уҥуоҕун буллулар

Бэҕэһээ Сунтаар нэһилиэгиттэн 6 км. турар Обоччолоох карьерыттан уолаттар былыргы бизон төбөтүн уҥуоҕун буллулар. [gallery…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥаласка эдэр суоппар суол саахалын таһааран, икки киһи эчэйдэ

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр аҕыс буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускайга түөкүттэр силиэдэбэтэл…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайга «Идэһэ» дьаарбаҥка саҕаланар

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 15 күнүттэн, Дьокуускайга Комсомольскай болуоссакка "Идэһэ" дьаарбаҥка үлэтин саҕалыыр. Бу туһунан СӨ тыа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Саха сирэ” хаһыат бүгүн тугу суруйда?

Саха сирин креативнай индустрията кэскилэ киэҥ, ону бу күннэргэ буолан ааспыт «Цифровой алмаас» федеральнай пуорумҥа…

2 часа ago