«Азия оҕолоро»: Александр Захаров Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар кыһыл көмүс мэтээли аҕалла

Share

Бэс ыйын 28 күнүгэр  60 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа мас тардыһыытыгар Александр Захаров кыттыыны ылан, чөмпүйүөн аатын сүкпүтэ. Онон сибээстээн,  sakha-sire.ru саайт  спортсмены кытары көрсөн кэпсэттибит.

-Үтүө күнүнэн! Кыайыыгынан итии-истиҥ эҕэрдэ! Бэйэҥ тускунан кыратык сырдат эрэ.
-Улахан махтал! Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуутуттан сылдьабын, 9 кылаас буоллум.
-Мас тардыһыы көрүҥүнэн төһө өр дьарыктанныҥ?
-Уопсайа 4 сыл курдук буолла.
-Тириэньэриҥ кимий?
-Тириэньэрим Харбаев Семен Семенович буолар, Боотулууга дьарыктыыр.

Тускуйана Игнатьева хаартыската
Тускуйана Игнатьева хаартыската

-Бу кыайыы бэйэҕэр  туох суолталааҕый?
-Билбэтим ээ, ыарахан соҕус ыйытыы. Оттон, тус бэйэм санаабар, хамаандабар очукуо эбэрбиттэн үөрэбин  буоллаҕа дии.
-Кыайыы кэнниттэн туох санаалар үөскүүллэр?
-Үчүгэй эрэ санаалар киирэллэр.
-Бу ылбыт кыайыыгын кимиэхэ аныаҥ этэй?
-Хамаандабар аныыбын.

Бэлиэтээн эттэххэ, Александр Захаров, Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар иккис кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыта. Кини түмүктүүр киирсиигэ Сибиирдээҕи федеральнай  уокурук спортсменын кытары мас тардыһыытын хапсыһыытыгар  бэйэтиҥ туһатыгар маһы тардан, чөмпүйүөн аатын  ылбыта. Кэскиллээх эдэр спортсмеммытын өссө төгүл эҕэрдэлиэххэйиҥ, кэлиҥ өссө элбэх чаҕылхай ситиһиилэри баҕарыаххайыҥ!

Тускуйана Игнатьева

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев: «Бэрэсидьиэн этиитин өйүүбүн»

Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар санаатын үллэһиннэ: -- Арҕааҥҥы…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн Психолог күнэ бэлиэтэнэр

Сэтинньи 22 күнүгэр Арассыыйаҕа Психолог күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1994 сыллаахха Арассыыйатааҕы психологическай уопсастыба бастакы…

25 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Дьиэҕэ төннүү» диэн улахан бырайыак саҕаланна»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

39 минут ago
  • Быһылаан

Ленскэйгэ киһи өлүүлээх дьиэ баһаара буолла

Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…

55 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Дьокуускайга вандаллар биир күн иһигэр үс тохтобулу алдьаттылар

Дьокуускайга Гагаринскай уокурукка вандаллар биир күн иһигэр, сэтинньи 20 күнүгэр үс сылаас тохтобулу алдьаппыттар --…

2 часа ago