Салгыы
«Азия оҕолоро»: Алина Аммосова буруонса мэтээл хаһаайката

«Азия оҕолоро»: Алина Аммосова буруонса мэтээл хаһаайката

Ааптар:
05.07.2024, 14:08
Тускуйана Игнатьева тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Буоксаҕа 54 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Алина Аммосова Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар боруонса мэтээли аҕалбыта. Онон сибээстээн, спортсменканы кытары көрсөн кэпсэттибит.

-Үтүө күнүнэн! Буоксаҕа бочуоттаах үһүс миэстэ буолбуккунан итии-истиҥ эҕэрдэ! Бэйэҥ тускунан кыратык сырдат эрэ.
-Үтүө күнүнэн, махтал! Аммосова Алина диэммин, 9 кылааһы бүтэрдим, Нам бэйэтиттэн сылдьабын.
-Эн чуолаан тоҕо буокс көрүҥүн таллыҥ?
-Аан маҥнай бэйэбэр наада буолуо диэн дьарыктанан  саҕалаабытым. Билигин, күрэхтэһиилэринэн эмиэ сылдьабын.
-Бу успуордунан дьарыктанаргар туох уустуктары көрүстүҥ?
-Киирсиигэ ыарахан соҕус уонна дьарыга ыарахан, элбэх ноҕуруускалаах.
-Күрэх кэмигэр эйиэхэ ордук ким күүс-көмө буолла?
-Тренерым Васильева Оксана Михайловна. Кини сборунан илдьэ сырытта. Ингушетияҕа сборданан баран Дьокуускайга  кэлбиппит. Уонна, оттон, сүбэ-ама биэрэҥ көмөлөстөҕө дии.
-Эн санааҕар спортсмеҥҥа ханнык  хаачыстыбалар наадаларый?
-Мин санаабар, кытаанах  характер наада. Тоҕо диэтэр характердаах киһи тугу барытын тулуйар кыахтаах.
-Бу кыайыыны ситиһэргэр туох көҕүлүүр күүс буолбутай?
-Үһүс миэстэ буолуом дии санаабатаҕым, элбэҕи баҕарбытым. Күрэх кэнниттэн өссө күүскэ дьарыктаныахха наада диэн бэйэбэр сыал-сорук туруоруннум.
-Бу кыайыыгын кимиэхэ аныаҥ этэй?
-Бэйэбэр, тоҕо диэтэр бэйэм үлэлээн-хамнаан ситистэҕим дии.
-Ыйытыктарбар хоруйдаабыккар махтал! Өссө үрдүк ситиһиилэри.
-Махтал!

Кэскиллээх эдэр спортсменкабытын өссө төгүл эҕэрдэлиэххэйиҥ, кэлиҥ өссө элбэх чаҕылхай ситиһиилэри ситиһиэ диэн эрэнэбит!

Тускуйана Игнатьева

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: