«Азия оҕолоро»: алта хапсаҕайдьыт наҕараадаланна
Хапсаҕайга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата алта мэтээллээх. Итинтэн иккитэ — кыһыл көмүс.
Хапсаҕай күрэһэ «Триумф» успуорт уораҕайыгар буолла. 2016 сыллаахха «Азия оҕолоругар» Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата күрэхтэһэн биир кыһыл көмүһү ылбыт буоллаҕына, бу сырыыга төһө да күүстээх утарылаһааччылар баалларын үрдүнэн, икки үрдүк наҕараадаҕа тигистэ. Бу туһунан СИА суруллар.
Күрэхтэһиигэ 11 хамаандаттан 50 кыттааччы баар.
Оонньууга кыайыылаахтар ааттарын Саха сириттэн Сандал Алексеев (50 кг) уонна Олег Кононов (55 кг) ыллылар. Хапсаҕайга үчүгэй үөрүйэхтээхтэрин Тыва спортсменнара Сухбат Монгуш (45 кг) уонна Экер Донгак (свыше 62 кг) көрдөрдүлэр. Кинилэр икки кыһыл көмүс мэтээли ыллылар.
50 кг диэри Илдьар Птицын Саха сирин иккис сүүмэрдэммит хамаандатыгар боруонсаны аҕалла. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын хапсаҕайдьыта Эйнар Максимов (62 кг) үрүҥ көмүс призер буолла.
55 кг. диэри ыйааһыннаахтарга финалист Данил Сивцев (Саха сирэ) күрэхтэһиигэ Уһук Илин хамаандатыттан кытынна. Кини биир дойдулааҕын Олег Кононов кэнниттэн иккис буолла.
Санатан эттэххэ, «Азия оҕолоро» Дьокуускайга от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыллаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: