«Азия оҕолоро»: бүгүн ханна сылдьыахха, тугу көрүөххэ?
«Азия оҕолоро» оонньууларга болҕомтону тардар сэргэх тэрээһиннэр күннэтэ тиһиктээхтик салҕаналлар.
Ол курдук, бүгүн ханна сылдьыахха, тугу көрүөххэ сөп эбитий?
Дьокуускай куоракка култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар — «Якутия — сокровище природы» лиэксийэ, хаартысканан быыстапка болҕомтону тардыа.
Орджоникидзе болуоссатыгар 14:00 — 18:00 ч. диэри — «Дьокуускай ыалдьыттары көрсөр» кэнсиэр. Манна оҕолорго анаан оонньуу арааһа тэриллэр. Маны сэргэ, кэнсиэр арааһа ыытыллар.
Комсомол болуоссатыгар 17:00 ч. — 18:00 ч. Дим Димыч, Улька Пулька уонна Анджилика кыттыылаах кэнсиэр бырагырааматын бэлиэтииллэр. Көрүҥ, истиҥ диэн ыҥыраллар.
Салгыы 19:00 ч. — успуорт араас көрүҥнэригэр кыайыылаахтары наҕараадалыахтара. Бу күнү быһа манна араас аралдьытар тэрээһиннэр ыытыллаллар. Манна
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: