«Азия оҕолоро» Го оонньууга күрэхтэһиэхтэрэ
Ахсыс сайыҥҥы оонньууларга оҕолор 24 успуорт көрүҥэр илин-кэлин түсүһүөхтэрэ. Барыта 224 мэтээл кэмпилиэгэ оонньонуоҕа.
Бырагыраама быһыытынан 17 көрүҥ баар: баскетбол 3х3, буокса, волейбол, спортивнай тустуу, дзюдо, кураш тустуу, чэпчэки атлетика, мас-рестлинг, остуол тенниһэ, харбааһын, буулдьанан ытыы, оҕунан ытыы, самбо, тхэквондо, мини-футбол, хапсаҕай уонна уус-уран гимнастика.
Тэрийэр кэмитиэт өссө эбии биэс көрүҥү эбэн киллэрбитэ: стендовай ытыы, кикбоксинг, саахымат, үҥкүү успуорда уонна Го оонньуу.
Итиэннэ икки демонстрационнай көрүҥ баар буолуоҕа – “Алыш” курдаах тустуу уонна хайаҕа ыттыы. Демонстрационнай көрүҥнэр диэн, ол аата күрэхтэһии буолар, кыайыылаахтар мэтээл ылаллар, гынан баран, уопсай түмүккэ очукуо эбиллибэт.
Манна эбэн суруйдахха, хайаҕа ыттыы көрүҥэр анаан “Дохсун” успуорт комплексыгар 15 миэтэрэ үрдүктээх уонна 45 миэтэрэ кэтиттээх скалодром тутулла сылдьар. Саҥа тутуу туох баар ирдэбилгэ эппиэттиир, бэл кэлин аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэри тэрийиэххэ сөп буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: