Салгыы
«Азия оҕолоро»: кикбоксиҥҥа күрэхтэһии. Кытаанах киирсиилэр буолаллара сабаҕаланар

«Азия оҕолоро»: кикбоксиҥҥа күрэхтэһии. Кытаанах киирсиилэр буолаллара сабаҕаланар

Ааптар:
02.07.2024, 13:31
Хаартыскаҕа Саина Титова түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:

От ыйын 2 — 3 күннэригэр Дьокуускайга кикбоксиҥҥа күрэхтэһии саҕаланна.

Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар уон спортсмен баар. Кинилэр Москва, Сибиир, Урал, Уһук Илин ФУо спортсменнарын кытары күөн көрсөллөр диэн СИА иһитиннэрэр.

Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын ыстаарсай тириэньэрэ бэлиэтииринэн, киирсии кытаанах, илин-кэлин түсүһүүлээх буолар чинчилээх. Спортсменнар 45 — 63, 5 кг. ыйааһыннарга киирсэллэр.

«Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар Бүлүү, Нам, Ньурба улуустарыттан уонна Дьокуускайтан бааллар. Утарсааччылар бэйэлэрин эрэгийиэннэригэр бастакы нүөмэрдээхтэринэн биллэллэр. Онон күрэс кытаанах буолара сабаҕаланар«, — диир кикбоксинг ыстаарсай тириэньэрэ Уйухсан Барашков.

Түмүктүүр күрэхтэһии сарсын, от ыйын 3 күнүгэр, буолар.

«Түмүк үчүгэй буолар ини. Бэлэмнэнии үчүгэй. Саамай күүстээх утарсааччыларбыт — москвалар. Өрөспүүбүлүкэбит бары спортсменнарыгар ситиһиилэри, кыайыылары баҕарабын«, — диэн кикбоксиҥҥа Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын капитана Ярослав Габышев санаатын үлэһиннэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: