«Азия оҕолоро» оонньуу уотун эстафетатын билиһиннэрдилэр
Ю.А. Гагарин култуура киинигэр Дьокуускайга VIII «Азия оҕолоро» успуорт оонньууларын эстафетатын тэрийээччилэрин билиһиннэриитэ буолла. Оонньуу уотун уматыы кулун тутар 19 күнүгэр «Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркаҕа ыытыллыаҕа.
100 хонук устата оонньуу уота Саха сирин үрдүнэн 35 тыһыынча км кэриҥэ сири эргийиэҕэ. Факелы тутааччы быһыытынан 500-тэн тахса киһи кыттыыны ылыаҕа.
Факелы тутааччылар экипировкалара кыһыҥҥы, сааскы уонна сайыҥҥы көрүҥнэргэ арахсаллар. Таҥастара-саптара бары Саха сирин килиимэтин уратыларын учуоттаан оҥоһуллунна.
«Уот эстафетата — бу «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы успуорт оонньууларын үгэскэ кубулуйбут тэрээһин. Бу улахан түгэн саҕалааһыннарын көрдөрөр. Оонньуу эстафетата 100 хонук иннинэ саҕаланар. Быйыл биһиги Саха сирин бары оройуоннарын хабар былааннаахпыт. Факелы тутааччылар бары Саха сирин үтүөлээх спортсменнара уонна бочуоттаах олохтоохторо 500-тэн тахса киһи кыттыаҕа», — диэн VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуу Дирекциятын генеральнай дириэктэрэ Михаил Сивцев кэпсээтэ.
Урут Бэрэсидьиэн Владимир Путин «Азия оҕолоро» оонньууну «успуорт, айар кут, доҕордуу, бодоруһуу дьиҥнээх бырааһынньыга» диэн ааттаабыта.
«Азия оҕолоро» — Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн уонна Азия дойдуларыттан оҕолору бэйэлэрин былааһааккаларыгар сомоҕолуур. Талааннаах, дьоҕурдаах оҕо успуордун эйгэтигэр биир интэриэһинэй уонна ситиһиилээх бырайыактартан биирдэстэрэ буолар», — диэн Владимир Путин үрдүктүк сыаналаабыта.
Санатан эттэххэ, 2024 сыллаахха VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньуулара Саха сиригэр төннөн, Дьокуускайга бу сыл бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыллыахтара. Эдэр спортсменнар 239 кэмпилиэгинэн 24 көрүҥҥэ наҕараадаланыахтара. «Азия оҕолоро» оонньууларын Саха сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев тэрийбитэ уонна аан бастаан 1996 сыллаахха ыытыллыбыта .
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: