Ыам ыйын 17 күнүгэр «Азия оҕолоро» оонньуулар Уотун эстэпиэтэтин Өймөкөөн улууһугар көрүстүлэр.
Норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуулар символларын — факеллаах Уоту улуус киинигэр Уус Ньараҕа улуус уопсастыбаннаһа көрүстэ.
“Өймөкөөн улууһа” МТ баһылыгын э.т. Саргылана Можукова, “Уус Ньара бөһүөлэгэ” МТ баһылыгын э.т. Виктория Понамарчук, улуус дьаһалтатын муниципальнай тэриллиитин баайын-дуолун управлениетын салайааччытын солбуйааччы, улууска туризмы сайыннарар спортсмен, сахалартан аан бастакынан Эверест хайаҕа тахсыбыт Евгений Кривошапкин, СӨ баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспа этэрээтин салайааччыта Михаил Андреев, Томтордооҕу Оҕо спортивнай оскуолатын чэпчэки атлетикаҕа тириэньэрэ Ульяна Винокурова, “Пегас” Оҕо айымньытын киинин эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагога Егор Неустроев, Томтор орто оскуолатын үөрэнээччитэ Александр Васильев уо.д.а. уопсастыбанньыктар “Азия оҕолоро” факелын арыаллаан, Уус Ньара киин уулуссатынан сүүрдүлэр.
Тэрээһин кыттааччыта, «Гражданскай килбиэн» уонна «СӨ физическэй култуура уонна успуорт сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» анал бэлиэ хаһаайына, аатырбыт Эверест хайаҕа тахсан, Саха сирин аар-саарга аатырдыбыт хоту дойду хоһуун альпиниһа Евгений Кривошапкин санаатын маннык үллэһиннэ:
— Ыам ыйа — мин олохпор олус бэлиэ ый. Былырыын баччаларга, чуолаан, ыам ыйын 15 күнүгэр, аан дойду муҥутуур чыпчаалыгар 8848 м үрдүктээх Эверест хайаҕа тахсан, Саха сирин былааҕын күөрэччи көтөхпүтүм. Быйыл аны дойдубар, төрөөбүт Өймөкөөнүм сиригэр “Азия оҕолоро” оонньуулар Уотун арыаллаан, Уус Ньара киин уулуссатынан сүүрдүм. Биллэн турар, Сахам сиринэн, ытык дойдубунан – Өймөкөөнүнэн киэн туттуу кыыма дууһабар сахта. 2010 сылтан ыла, дойдум хайаларыгар тахсан, Тымныы полюһугар успуорду уонна туризмы сайыннарыыга бэйэм кылааппын киллэрэ сылдьабын. Ол курдук, Уус Ньараҕа “Таптал хайатынан” биллэр Афродитаҕа “орох тэппитим” быданнаата. 2018 сыллаахха Арассыыйа саамай үрдүк чыпчаалын — Эльбруһу (5642 м.) дабайбытым. Сахабыт сирин саамай үрдүк хайатыгар Муус Хайаҕа (2969 м.), Муомаҕа баар “Победа” хайаҕа (3003 м.) дьону илдьэ гид быһыытынан тахса сылдьыбытым. Кыһын тымныыга хаамабын, кыралаан сүүрэбин. Дойдубар Томторго тиийдэхпинэ, -50 кыраадыс тымныыга Индигиир өрүскэ сөтүөлээччибин. Онон успуордунан дьарыктанар киһиэхэ “Азия оҕолоро” курдук улахан таһымнаах спортивнай оонньуулар символларын — факел-Уоту арыаллааһыным миэхэ тус бэйэбэр улахан чиэс уонна бочуот.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…