“Азия оҕолоро” оонньууларыгар 13 сиргэ сувенирдары атыылыахтара

Share

VIII “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы  спортивнай  оонньууларын күннэригэр сувенир бородууксуйатын киин куоракка 13 пууҥҥа атыылыахтара. Ол курдук, Орджоникидзе, Комсомольскай уонна Доҕордоһуу болуоссаттарыгар уонна успуорт эбийиэктэрин тастарыгар.

Сувенир бородууксуйалара 14 көрүҥтэн турар: брелоктар, гаджеттар, бэргэһэлэр, значоктар, сэлии муоһуттан оҥоһуктар, канцелярия, магниттар, манньыаттар, аккырыыккалар, иһиттэр, сувенирдар, суумкалар уонна аксессуардар, текстиль, футболкалар. Бу брендовай оҥоһуктар оонньуу бэлиэтин көрдөрөллөр уонна сахалыы оһуордаахтар.

Сувенирдары оҥоруунан уонна батарыынан “Сделано в Якутии” өрөспүүбүлүкэтээҕи урбаанньыттарын Ассоциацията дьарыктанар. Сувенирдары 70 киһи уонна олохтоох 19 оҥорон таһаарааччы атыылыахтара. Ассоциацияҕа 200 урбаанньыт-оҥорон таһаарааччы киирэр. Кинилэртэн 90 киһи “Сделано в Якутии” табаарынай бэлиэлээх.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Азия оҕолоро” оонньуулары “оҕо-обургу оҕо успуордугар саамай интэриэһинэй уонна ситиһиилээх бырайыагынан” билиммитэ.

Саха сирин баһылыга Айсен Николаев 2024 сылга VIII “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай  оонньуулар дойду иһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы саамай бөдөҥ оонньууларынан ааттаабыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

10 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

14 часов ago