«Азия оҕолоро»: Саха сирин футболистара кыһыл көмүс мэтээли ылар иһин киирсиэхтэрэ
Бүгүн, от ыйын 2 күнүгэр, Дьокуускайга «Кыайыы 50 сыла» успуорт дыбарыаһыгар «Азия оҕолоругар» мини-футбол финалистара быһаарылыннылар.
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата Палестина футболистарын хамаандатын 4:2 очукуонан кыайан, аны, кыһыл көмүс мэтээли ылар иһин киирсэр буолла. Бу туһунан СИА кэрэспэдьиэнэ Карина Оконешникова суруйар.
Бу икки хамаандалар оонньуулларыгар, бастакы тайм 1:1 счетунан түмүктэммит. Иккискэ биһиги спортсменнарбыт үстэ мээчиги киллэрэн, инники күөрэйэн тахсыбыттар.
Сарсын, от ыйын 3 күнүгэр, быһаарыылаах көрсүһүүлэр күүтэллэр. Үһүс бириистээх миэстэни ылар иһин Узбекистан уонна Уһук Илин федеральнай уокуругун хамаандата күөн көрсүөхтэрэ. Оттон кыһыл уонна үрүҥ көмүстэр иһин Саха сирин уонна Урал ФУо сүүмэрдэммит хамаандалара күрэхтэһиэхтэрэ.
«Бу хамаандалар инники түһүмэххэ көрсүбүттэрэ. Узбекистан Уһук Илин хамаандатын хоппута, Урал — Саха сирин. Үчүгэй киирсии, илин-кэлин түсүһүү буоларыгар эрэнэбит, арыый атын түмүгү көрдөрүөхтэрэ диэн күүтэбит«, — диэн судьуйа Алексей Кормушкин санаатын үллэстэр.
Бүгүн өссө Сибиир уонна Уһук Илин спортсменнара футболлаатылар, Уһук Илин ФУо хамаандата кыайда (3:4). Кыргызстан иннигэр Урал түстэ (0:1).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: