«Азия оҕолоро»: Сардаана Куличкина көҥүл тустууга боруонса мэтээли ылла
29.06.2024, 18:48
Хаартыскаҕа Карина Оконешникова түһэриитэ, СИА.
Бөлөххө киир:
Бүгүн, бэс ыйын 29 күнүгэр, «Триумф» успуорт уораҕайыгар кыргыттарга көҥүл тустууга түмүктүүр күрэс буолла.
Саха сирин 2 хамаандатыгар боруонса мэтээли Сардаана Куличкина аҕалла диэн иһитиннэрэр СИА кэрэспэдьиэнэ Карина Оконешникова.
Сардаана Казахстантан кэлбит Диана Айтжанованы кытта 50 кг. диэри ыйааһыннаахтарга күөн көрсүбүт.
«Психолог үчүгэйдик көмөлөһөн, бэлэмнэммитим уонна көбүөргэ эрэллээхтик киирбитим», — диэбит Сардаана Куличкина.
Бүгүн көбүөргэ 33-тэн 66 кг. диэри ыйааһыннаахтарга барыта сэттэ паара тахсыбыт. Сарсын, бэс ыйын 30 күнүгэр, уолаттар күрэхтэһэллэр. Көҥүл тустууга күрэхтэһии от ыйын 2 күнүгэр диэри буолуоҕа.
Хаартыскаҕа Карина Оконешникова түһэриитэ, СИА.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: