«Азия оҕолоро»: тэрээһиннэргэ 60 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта
«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга элбэх ыалдьыт түмүстэ. Тэрээһиннэр өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан аастылар.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын былаһааккаларыгар 80 араас тэрээһин ыытылынна. Манна өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан уус-уран кэлэктииптэр кэлэн кытыннылар. Бу туһунан VIII «Азия оҕолоро» оонньуулар кэмнэригэр култуура өттүттэн туох ыытыллыбытын этэллэригэр сырдаттылар.
Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев тэрийээччилэр улахан кыһамньыларын уурбуттарын, ол түмүгэр олус сэргэх, үчүгэй тэрээһиннэр ыытыллыбыттарын бэлиэтээтэ.
«Бука бары «Азия оҕолорун» чаҕылхай арыллыытын уонна араас тэрээһиннэрин өр кэмҥэ өйдүү-саныы сылдьыахпыт. Бары кыттыбыт дьоҥҥо уонна тэрийээччилэргэ ис сүрэхтэриттэн кыһамньыларын уурбуттарыгар, түмсүүлээх үлэлэрин иһин махтанабын. «Азия оҕолоро» барыларыгар үөрүүнү иҥэрбитигэр эрэнэбин«, — диэтэ Афанасий Ноев.
«Азия оҕолоро» оонньуулар култуураҕа бырагыраамаларын дириэксийэтин салайар Сардаана Брызгалова эппитинэн, өссө икки сыл инниттэн бэлэмнэнии саҕаламмыт.
«Тэрийиигэ үлэлэригэр улахан үөрүйэхтээх дьону тардыбыппыт. Уопсай күүһүнэн күн аайы сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри Дьокуускай былаһааккаларыгар биллэр-көстөр артыыстар, музыкальнай бөлөхтөр, уус-уран кэлэктииптэр кэнсиэрдэрэ буолла. Тыйаатырдар саҥа туруорууларынан көрөөччүлэрин сөхтөрдүлэр, үөртүлэр. Бу тэрээһиннэри Саха сирин олохтоохторун сэргэ, ыраахтан кэлбит ыалдьыттар бары олус биһирээтилэр, махтаннылар, артыыстарбыт, ансаамбылларбыт талааннарын сөхтүлэр», — диир кини.
«Азия оҕолоро — 2024» култуурунай тэрээһиҥҥэ уонна ыытыыга өрөспүүбүлүкэ улуустарын уус-уран кэлэктииптэриттэн барыта үс тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыт. Көрөөччүлэргэ умнуллубат кэрэ, чаҕылхай түгэннэри бэлэхтиир туһуттан кинилэр тымныыны, куйааһы аахсыбакка бэлэмнэммиттэр.
Юридическай кэллиэскэ үһүс кууруска үөрэнэр Ксения Иванова «Азия оҕолорун» арыллыытыгар уонна тэрээһиҥҥэ аан бастаан кыттыбыт. Кини тэрээһин хайдах курдук улахан далааһыннааҕын, уратытын билбит.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар маннык улахан тэрээһиҥҥэ кыттыы миэхэ улахан чиэс-бочуот. Ол кэмҥэ хайдахтаах үөрбүппүн-көппүппүн, долгуйбуппут тылбынан кыайан эппэппин. Наһаа элбэх киһини кытары билистим уонна «Азия оҕолоро» оонньуу сөҕүмэр кэрэтин биллим. Билигин маннык улахан тэрээһиннэр хайдах курдук суолталаахтарын уонна төһөлөөх сыра-сылба, күүс уурулларын өйдүүбүн уонна сыаналыыбын. Историяҕа киирбит бэлиэ тэрээһиҥҥэ кытыннарбыттарыгар бары тэрийээччилэргэ махтанабын«, — диир кини.
«Версия» аныгы үҥкүү кэлэктиибигэр сылдьар Дарина Найманова уонна Яна Яковлева үөрүүлэрин үллэстэллэр.
«Хас күн аайы сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри бэлэмнэммиппит. «Азия оҕолорун» түмүктүүр долгутуулаах тэрээһинигэр көрөөччүлэр болҕомтолорун тардар туһуттан бары кыһамньыбытын уурбуппут. Спортивнай үҥкүүнү үҥкүүлээбиппит. «Азия оҕолоро» оонньууларга кыттыбыппытыттан наһаа үөрэбит«, — дэһэллэр үҥкүүһүт кыргыттар.
Бэлиэтээн эттэххэ, «Азия оҕолоро» оонньуулар кэмнэригэр Дьокуускайга «Айвазовский и великие русские маринисты», «Россия – миру» федеральнай мультимедийнэй быыстапка, «МАМОНТенок-2024» норуоттар икки ардыларынааҕы VII төгүлүн ыытыллар бэстибээл, норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ, уо.д.а. улахан тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: