“Азия оҕолоро”: Ян Семенов боруонса мэтээли ылары ситистэ

Share

«Азия оҕолоро» оонньууларга кикбоксиҥҥа 45 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Ян Семенов  кыттан, хамаандатыгар боруонса мэтээли аҕалла. Бүгүн эдэр спортсмены  кытта кылгастык кэпсэттибит.

— Ян,  боруонса мэтээлгинэн эҕэрдэлиибин! Бэйэҥ тускунан кыратык кэпсиириҥ буоллар.
— Мин Семенов Ян Евгеньевич диэммин, 9 кылааһы бүтэрдим.  Кикбоксинынан дьарыктаммытым сыл аҥаара буолла. Мин маҥнайгы тириэньэрим аата Гавриил Михайлович диэн.
— Эрчиллэр күнүҥ хайдах ааһарый?
— Мин субуотаттан уонна өрөбүлтэн ураты күннэргэ  хас да чаас устата эрчиллэбин. Күрэхтэһии иннинэ күҥҥэ иккитэ эрчиллиэхпин сөп.
— Успуорка туох сыал-сорук туруорунан сылдьаҕын?
— Кикбоксиҥҥа   успуорт маастара буолуохпун баҕарбын.
— «Азия оҕолоро» кэнниттэн туох былааннааххын? 
— Салгыы успуордунан дьарыктаныам, элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттыам.

— Спортсмен киһиэхэ ханнык хаачыстыба нааданый?
— Саамай кылаабынайа, мин санаабар, күүстээх баҕа санаа наада. Уонна тулуур, дьулуур.
— Саҥа успуордунан дьарыктанан эрэр оҕолорго туох  сүбэни биэриэҥ этэй?
— Дьарыктаныҥ уонна оччоҕо эрэ ситиһиилэргитин, түмүктэргитин көрүөххүтүн сөп.

Сайыына Колодезникова

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

28 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago