“Азия оҕолорун” кэнниттэн Таилаҥҥа көтөбүт”

Share

VIII “Азия оҕолоро” оонньууларга Узбекистан сүүмэрдэммит хамаандата ох курдук оҥостон кэлэн, күрэхтэһэ сылдьар.

“250-ча киһилээх хамаанда чартернай рейсинэн Дьокуускайга кэлэн түспүппүт, — диир Айнура Шабакова, Узбекистан сүүмэрдэммит хамаандатын тустуук кыргыттарын тириэньэрдэрэ. – Биһигини үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ, олорор, күрэхтэһэр усулуобуйабыт, остолобуой аһылыга барыта үчүгэй. Сэттэ тустуук кыыһы аҕалбыппыт, биир кыыспыт кыһыл көмүһү, биир кыыспыт үрүҥ көмүһү, биирбит боруонса мэтээллэри ылан үөртүлэр. “Азия оҕолоругар” бэлэмнэммиппит ыраатта, хас да талар тууру ааспыт оҕолор кэлбиттэрэ.  Саамай күүстээх күрэстэһээччинэн Корея хамаандата буолла. Билигин экскурсиялар саҕаланнылар, бу Ирбэт тоҥ саарыстыбатын көрө баран иһэбит”.

Айнура Шабакова Узбекистаҥҥа Каракалпакскай өрөспүүбүлүкэҕэ олорор, үлэлиир. Тириэньэрдээбитэ 15 сыл буолбут, элбэх маастары иитэн таһаарбыт.

“Биир кыыһым Парижка Олимпиадаҕа бараары бэлэмнэнэ сылдьар. Бу “Азия оҕолоро” оонньуулар бүттүлэр да, от ыйын 12 күнүгэр Таилаҥҥа Азиатскай күрэхтэһиилэргэ көтөбүт”, — диэн кэпсээнин түмүктээтэ тустуук кыргыттар тириэньэрдэрэ.

Биһиги Дьокуускайбыт, “Азия оҕолоро” оонньууларбыт итинник норуоттар икки ардыларынааҕы улахан күрэхтэһиилэр сиэккэлэригэр киирэн туралларын истиэххэ эриэккэс.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago