Азия, Тиихэй акыйаан кытылыгар: Арассыыйа уонна Япония

Share

“Биһиги икки кынаттаахпыт, Европа уонна Азия”, – диэн биһиги Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев эппитэ билигин да кулгаахпар иһиллэр курдук. Бу күннэргэ Арассыыйа тас дьыалаларга миниистирэ Сергей Лавров Японияны кытары уопсай тылы буларбытыттан аастыбыт диэн иһитиннэрдэ. Тохсунньуга Япония Арассыыйаҕа өссө хааччахтары киллэрдэ, биһиги “АЛРОСА”-быт онно эмиэ хабылынна, ону ааһан Япония былырыыҥҥыттан АХШ кытары байыаннай дьыалатын күүһүрдүбүтэ.

Арассыыйа уонна Япония

Арассыыйа уонна Япония сыһыаннаһыылара урут да, билигин да олус уустук этэ. Ааҕааччым, бу туһунан устуо­руйаттан бэйэҥ да билэр буолуох­тааххын. Эспиэртэр этэллэринэн, билигин дойдулар икки ардыларыгар сыһыаннаһыыбыт өссө кытаатан турар. Ол биир төрүөтүнэн – Курил арыыларын туһаҕа таһаарыыга биир санааҕа кэлэ иликпит буолар. Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн саҕалаан манна араас декларациялар баттаныллыбыттара. Кэлин 1998 сыллаах­ха Арассыыйа уонна Япония бырабыыталыстыбалара Курил арыыларыгар балык­тааһыҥҥа дуогабар түһэрсибиттэрэ. Бу докумуонунан Япония балыксыттара кубуота ылан, балыктыыллара. Ол эрээри ити 2022 сылынан тохтоо­бута.

Арассыыйа 2023-2024 сылларга Японияны кытары кэпсэтиини араастаан ыыта сатаата. Ол эрээри, көрөргүт курдук, билиҥҥитэ Япония ар­­ҕааҥҥы дойдулар диэки хараҕын хатыыр, Америка Холбоһуктаах Штаттарын кытары байыаннай дьыалатын күүһүрдэр. Ити Азия-Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэригэр, биллэн турар, сэрэхэчийиини үөскэтэр.

Манна даҕатан эттэххэ, быйыл тохсунньуга Америка Холбоһуктаах Штаттарын бэ­­рэсидьиэнэ Дональд Трамп дуоһунаһыгар киирбитэ. Киирээт да тута бастакы ыйаахтарын таһаарбыта. Ол ыйаахтарыгар биир сүрүнэ – тас дойдуларга үбүлээһини ыытыыны тохтоппута буолар. Бу этиитин үгүс дойду өйдөөбөтөҕө. Ол иһигэр Япония эмиэ. “Америка Холбоһуктаах Штаттарыттан тутулуктанан олорор дойдулар, ол иһигэр Австралия, Япония, Соҕуруу Кэриэйэ, Новай Зеландия, кини илиитин-­атаҕын кэтэһэ олороллор”, – диэн Арассыыйаҕа куттал суох буолуутун сэбиэтигэр бэлиэтээн тураллар.

Онон ыллахха, билигин Япония ыалым диэн соччо ымманыйбакка олорор. Ол эрээри Япония да, Арас­сыыйа да бииргэ үлэлэһии стратегичес­кай суолталааҕын билбэт буолбатах, билэр.

“Байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан Япония бырабыыталыстыбата биһиэ­хэ утары турбута. Араас хааччаҕы киллэрбитэ, биһиги дойдубут утары бэйэлэригэр араас хабаан­наах үлэлэри ыыталлар, Уһук Илиҥҥи өттүбүтүгэр АХШ, онтон да НАТО чилиэннэрин кытары, байыаннай өттүнэн күүһүрдүүнү ыыталлар. Онон билигин туох эмэ диэн кэпсэтиини ыытар сатамньыта суох”, – диэн иһитиннэрдэ бу нэдиэ­лэҕэ РФ тас дьыалаларын министиэристибэтэ.

Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа култуура, успуорт, үөрэх барыта ыллык, үрүйэ буолан биир улахан айан суолугар таһаараллар. Ол онно биһиэхэ уопуппут, дьиҥэр ыллахха, биир үйэ анараа өттүттэн баар.

Бу түгэҥҥэ култуура, ус­­пуорт өттүгэр далаһаны хаалларыы олус улахан суолталаах. Билигин Японияҕа Арассыыйа култууратын күннэрин ыытыы былааннанан турар. Ону сэргэ туризм өттүгэр Арассыыйаттан туристар туох да хааччаҕа суох сылдьаллар. Холобур, былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн, турис­тар Японияҕа барыылара икки төгүл эбиллибит. Бу баар норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа ыллык. Маны этэн туран, Саха сирэ Японияны кытары үлэлэһиитин үтүө холобур быһыытынан аҕалыахпын баҕарабын.

Саха сирэ уонна Япония

Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэриттэн Японияны кытары үлэлэһии биһиэ­хэ ураты суолталаах. Ол иһин ойуччу тутан Саха сирэ Японияны кытары үлэлэһиитин ахтан ааһыахпын баҕарабын. Манна биһиги Бастакы бэрэсэдьиэммит Михаил Николаев өҥөтө улахан. 90-с сыллардаахха, оччолорго Арассыыйа саҥа атаҕар туран эрэр кэмигэр, Азия дойдуларын кытары үлэлэһии биир улахан хардыы этэ.

Ити иннинээҕи сыллартан ыллахха, Сэбиэскэй Сойуус Японияны кытары сир баайын чинчийиини ыытыыга, коксаланар таас чоҕу туһаҕа таһаа­рыыга, ойуур хаһаайыстыбатыгар дуогабардары баттаһан олороро. Ону сэргэ атыыны-тутууну ыытыыга туспа дуогабардааҕа. “Сойуус үрдүнэн барыта тоҕус дуогабар баарыттан алтата Саха сиригэр үлэлиирэ”, – диэн өр сылларга Японияҕа Саха сирин бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбит Николай Барамыгин интервьюларыгар, суруйууларыгар куруутун ахтар.

Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар кэлээт, тас дойдулары кытары үлэлэһиигэ биир сүрүн болҕомтотун уурбута. Биир сүрүн хайысхатынан – Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэрин кытары үлэлэһии буолбута. Ол курдук, 1990 сыллардаахха, оччолорго Саха сирин Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, Японияҕа командировкаҕа баран кэлбитэ. Ол кэпсэтиитин түмүгүнэн, Саха сирэ Японияны кытары үлэлэһиигэ анал ассоциация тэриммитэ.

1991 сыллаахха Арассыыйа Уһук Илин уонна Сибиир эрэгийиэннэрэ кыттыылаах Ниигата куоракка улахан быыс­тапка тэриллибитэ. Бу быыс­тапкаттан сиэттэрэн бэс ыйыгар Япония дэлэгээссийэтэ Саха сиригэр кэлэн барбыта. Бу мантан саҕаламмыта Саха сирэ уонна Япония далаһа уурсуулара.

Мантан саҕалаан култуураҕа, бырамыысыланнас­ка, үөрэххэ норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкалар, анал дэкээдэлэр ыытыллан барбыттара. Алмааһы кырыылааһыҥҥа эмиэ туспа собуот тэриллэ сылдьыбыта. Дьокуускайга Муусука үрдүкү оскуолата тэриллэн, манна Японияттан, онтон да атын Азия дойдуларыттан үгүс оҕо кэлэн үөрэнэр буолбута.

Азия-Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэрин кытары үлэлэһиигэ кэлин “Хотугу пуорум”, “Восточное измерение”, “Ленскэйдээҕи көрсүһүүлэр” курдук улахан бырайыактар үөскээбиттэрэ. Манна өссө “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларбытын эбэн кэбиһиҥ. Бу саҕалааһыннар барыта тас дойдулары кытары үлэлэһиигэ сүрүн далаһа буол­буттара.

Михаил Николаев Европа, Азия дойдуларын кытары үлэлэһии туһунан “Моя Якутия в глобальном мире” диэн кинигэтигэр сиһилии суру­йан турар. Онно кини Арктика, Азия-Тиихэй акыйаан эрэги­йиэннэрин, АСЕАН дойдуларын кытары үлэлэһии – бу биирэ. Иккиһинэн, Европа дойдуларын, Африканы кытары үлэлэһиини ыйбыта.

Түмүк оннугар

Төһө да сир көхсө киэҥ диэтэрбит, ханнык эмэ ыллык син улахан айан суолугар ханан эмэ эргитэн таһаарбыта эрэ баар буолар. Туох да уопсайбыт суох диэтэрбит, ханнык эмэ кыра көлүйэчээн быыс-ха­­йаҕас булан, үрүйэҕэ, үрэххэ холбоспута эмиэ баар. Онон но­­руоттар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа култуура, ус­­пуорт, үөрэх барыта ыллык, үрүйэ буолан биир улахан айан суолугар таһаараллар. Ол онно би­­һиэхэ уопуппут, дьиҥэр ыллахха, биир үйэ анараа өттүттэн баар.

ХААРТЫСКА: РФ БЭРЭСИДЬИЭНИН ПРЕСС-СУЛУУСПАТА.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

ОҔОЛОР СУУРКУЛУ САТААН ТУТТУБАТ БУОЛЛУЛАР

Сууркул (циркуль) – эргимтэ уонна дуга сурааһынын тардарга, устаны кээмэйдиргэ уонна кээмэйи көһөрөргө аналлах инструмент.…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр суругунан литература 125 сыла бэлиэтэниэҕэ

Ил Дархан Айсен Николаев саха народнай бэйиэтэ Наталья Харлампьеваны кытта Саха сиригэр суругунан литературатын 125…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл-бит

Киһи үксэ түүн тугу түһээбитин уһуктаат быһаара, тойоннуу, билэ көрө сатыыр. Оттон сорохтор түүлү мээнэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт

«Хаҥалас хапсаҕайа»

Олунньу 1-2 күннэригэр «Өрөгөй» успуорт уораҕайыгар «Хаҥалас хапсаҕайа» хапсаҕай тустуутугар норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии  ыытыллыаҕа.…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Өбүгэ ситимэ

Өбүгэлэриҥ эмиэ тыыннаах киһи курдук үөрэллэр уонна хоргуталлар.  Өскөтүн эн ийэҕэр, аҕаҕар, бииргэ төрөөбүттэргэр, аймахтаргар…

2 часа ago