“Баабыска” да диэтэххэ барсаа ини…
Үнүр оптуобуска биир түгэни бэлиэтии көрүүм өйбүттэн-санаабыттан тахсан биэрбэт. Уткин уулуссатынааҕы тохтобултан 17-с нүөмэрдээх куорат киинигэр кэлэр оптуобуска олорустум. Киһи бөҕө, дьолго, кэннин диэки биир миэстэ тахсыбытыгар олорунан кэбистим.
“Өрөгөй” спортсменнары бэлэмниир киин тохтобулуттан, быһа холуйан, түөрт саастаах сиэннээх сааһыра барбыт дьахтар олоруста. Киирээтин кытта иккис эрээккэ олорбут оскуола оҕото ойон туран миэстэтин туран биэрдэ. Онно эмээхсин бэйэтэ олорбокко сиэнин олорто. Оптуобус хоҥунна, аҕыйах миэтэрэ бара түһээтин кытта, эмээхсин нэһиилэ тутуһан турарын бэлиэтии көрөн, аны кэннинээҕи эрээккэ олорбут эдэрчи киһи миэстэтин туран биэрдэ. Эмээхсин онно “лах” гына олорунан кэбистэ. Сиэнэ эбэтигэр кэлээри гыммытын: “Турума, итиннэ олор”, — диэн “сүбэлээтэ”. Түөрт саастаах оҕо эбэтин тылыттан тахсыбата биллэр, быстыа дуу, ойдуо дуу, оннуттан харыс да халбарыйбата.
Икки тохтобулу барааппытын кытта эмээхситтэр, саастаах дьон кутуллан киирдилэр. Урут киирбиттэр ортоку турар “чиэскэ тигистилэр”. Биир сэттэ уончалаах эмээхсин оруобуна оҕо иннигэр турда. Бу кини сиэнин иннигэр турар эмээхсин кинитээҕэр лаппа саастааҕар кымаардаан да көрбөт. Төлөпүөнүн көрөр, быыһыгар оонньоон да ылар быһыылаах. Оптуобус иһэ уу-чуумпу, мэктиэтигэр тыымматтар даҕаны. Арай, хас да тохтобул тухары бу сиэннээх эбэ “дьоруойдаах” тыыннаах киинэни көрөн таҕыстыбыт. Сирэйдэрэ “түүлэммит”, аны кэлэн эйэҕэстик “эбээ” диэн унаарытан ыҥыран да туһа суох дьоно буолсу. Аныгылыы “баабыска” да диэтэххэ барсаа ини…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: