Баахынайга оскуола тутуллуутун түргэтэтии — тыын боппуруос

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллааҕы үлэтин отчуоттуур бөлөх Эдьигээн улууһугар сырыытын үһүс күнүгэр кыһыҥҥы айан суолун тутуһан Баахынай (Лииндэ) нэһилиэгэр тиийэн кэллэ.

Сарсыарда 6 чаастан айаннаан кэлбит дьону чичипкан нөҥүө аһаран алгыстаан баран, өрөмүөнэ саҥа бүппүт кулууп дьиэтигэр ыҥырдылар.

«Сыл бастыҥ баһылыга» ааты сүкпүт Николай Иванович Антонов ыалдьыттары көрүстэ. Оробуочай бөлөх салайааччыта, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников бэйэтин дакылаатыгар Арктика улуустарыгар олорор дьоҥҥо сыһыаннаах иһитиннэриилэри оҥордо. Ол курдук, «Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан бэтэрээннэр санаторийдарга сынньаналларыгар, эмтэнэллэригэр усулуобуйа тупсарылынна. Чуолаан, Арктика улуустарыгар олорор 4 уонна онтон элбэх оҕолоох ийэлэр «Үлэ бэтэрээнин» аатын ылалларыгар ирдэниллэр ыстаас 20 сылтан 10 сылга диэри, 2 төгүл кыччатылынна» —
диэн иһитиннэрдэ.

Дмитрий Дмитриевич сахалыы тылынан иһитиннэриитин кэнниттэн ыйытыылар, туруорсуулар саҕаланнылар. Руслан Иннокентьевич диэн олохтоох киһи былаас бэрэстэбиитэллэрин кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтиини биир сүрүн кыһалҕаны таарыйан, кыһыннары-сайыннары айан суолун уустук кыһалҕаларыттан саҕалаата. Сайын сөмөлүөтүнэн көтөргө билиэти булар олус ыарахан, нэдиэлэҕэ биирдэ көтөр сөмөлүөккэ билиэт эрдэ атыыланан бүтэр. Онтон «Кулибин» теплоход дьоно хайыы үйэ туолан кэлэр буолан, арыт тохтообокко ааһан ыксаталыыр. Ол иһин, эбии устар аал баар буоларыгар баҕараллар. Кэлиҥҥи сылларга өрүстэрин уута арыт олус киртийэрин бэлиэтии көрөллөр. Нэһилиэк наадатыгар уу кутар тырааныспартара суох буолан эрэйи көрсөллөр.
Бу ыйытыыларга СӨ тырааныспарка, суол хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Семен Коркин, СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Эдуард Пихтин уонна СӨ дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай тэрилтэтин генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Андрей Лебедев хоруйдаатылар.

Семен Коркин: «Субсидиялаах көрүҥүнэн «Кулибин» теплоход Эдьигээн улууһугар Дьокуускай-Тиксии уонна Дьокуускай-Эдьигээн маршруттарынан ааһар. Биир кыһалҕа уу түһүүтэ уонна дебаркадер этэ. «Степан Аржаков» теплоход сылдьар да, субсидията суох. Ону таһынан «Ломоносов» уонна түргэн сырыылаах суднолар өрөмүөннэнэн тахсалларыгар эрэнэбит. Хомойуох иһин, өрүс пуорда 20-30 сыл кэннэ саҥардыы саҥардыллан эрэр», — диэн теплоходтар өрөмүөннэнэн бүттэхтэринэ, балаһыанньа быһаарыллыан сөбүн быһаарда.

Баахынайга кэнники кэмнэргэ эдэр ыччат олохсуйардыы кэлэн, дьиэ-уот тэринэр. Ол туоһутунан оскуолаҕа үөрэнээччи ахсаана эбиллэрэ буолар, уһуйаан уонна оскуола оҕолорун ахсаана тэҥнэспит. Ол гынан баран, манна оскуола дьиэтин тутууну туруорсуу — тыын боппуруос. Ол туһунан бу оскуолаҕа эһээтэ, ийэтэ дириэктэрдээбит, онтон билигин бэйэтэ дириэктэрдии сылдьар Аиза Николаева эппитинэн. оскуола бырайыак быһыытынан, 2028 сылга тутуллуохтаах эбит, ол гынан баран, тутуу брлдьоҕун чугастааҕы сылларга көһөрөллөрүгэр көрдөстө. Олохтоохтор уонна үөрэнээччилэр ааттарыттан көрдөһүү оруннааҕын көрөн итэҕэйдибит. СӨ үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччы Иннокентий Афанасьев Эдьигээн сэлиэнньэтигэр 450 миэстэлээх оскуола тутуллара былааннанарынан, Эдьигээн уонна Бахынай (140 миэстэлээх) оскуолалара иккиэн инвестиция бырагырааматыгар киллэриллибиттэринэн, улуус уочараты эбэтэр өссө атын быһаарыныыны бэйэтэ ылыныахтааҕын туһунан эттэ. Дмитрий Садовников көмөлөһө сатыахпыт диэн, боппуруоһу боротокуолга киллэрдэ.

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2030 сылга диэри нэһильиэнньэ 70 бырыһыанын маассабай успуордунан хабар соругу туруорбута. Итинэн сибээстээн, физическэй култуура уонна маассабай успуорт управлениетын салайааччыта Роман Оконешников 200-чэ нэһилиэнньэлээх Баахынай нэһилиэгин дьонун успуордунан утумнаахтык дьарыктанарга ыҥырда.

Отчуокка көхтөөхтүк кыттыбыт дьон ситэриилээх былаас отчуотун биһирииллэрин биллэрдилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүн — Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 119 сыла

Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Үгүс оройуоннарынан -45° кыраадыска тиийэ тымныйыа

Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара кыралаан хаар түһэрин, үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, нэһилиэктэринэн…

1 час ago
  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

14 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

15 часов ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

15 часов ago