Баай Байанайы таҥара оҥостубут булчуттар баар буоланнар

Share

Быйыл Булт хаһаайыстыбатын 100 сыла бэлиэтэнэр. 1920 с. Совнарком Бүтүн Арассыыйатааҕы ситэриилээх кэмитиэтэ  “Булт туһунан” дэкириэти ылыммыта. Бу дьиҥэр Арассыыйаҕа булт туһунан бастакы сокуон этэ. Онтон 1921 сыллаахха “Түүлээҕи соҕотуопкалааһын бэрээдэгин туһунан” дэкириэт тахсыбыта. Булт хаһаайыстыбата тэриллиитигэр 1922 с. РСФСР Совнаркомунан бигэргэммит “Бултааһын быраабылата” тирэх буолбута. Бу хаһаайыстыба сыаналаах түүлээх кыыллары бултуур соругу туруорбута. Ол курдук, дойду үбүн хаҥатыыга, кыыл этин соҕотуопкалааһыҥҥа, айылҕа биэрэр быйаҥын хомуйууга, килиэккэҕэ турар кыылы иитиигэ үлэ барбыта.

Судаарыстыба өйөбүлүнэн Саха АССР булт хаһаайыстыбата дойду экэниэмикэтигэр сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. Бултанар кыыллар  норуот уопсай баайынан буолбуттара, түүлээҕинэн эргинии бобуллубута. Ону тэҥэ булчут билиэтин оҥорбуттара, саас уонна сайын бултуур булгуччу бобуллубута.  САССР-га булт хаһаайыстыбатын салайыы Наркомземҥа сүктэриллибитэ. Онон  бултааһын судаарыстыбаннай суолталаммыта уонна судаарыстыба  тэрилтэтэ буолбута. Наркомзем иһинэн РСФСР Главохота тэрилтэтэ төрүттэммитэ. ”Булт туһунан” дэкириэти толороору РСФСР булчуттарын сойууһа тэриллибитэ. Онон булчуттар, түүлээхситтэр бу сойууска киирбиттэрэ. Түүлээҕи судаарыстыба быспыт сыанатынан тутар буолбуттара. 1922 сыллаахха РСФСР булчуттарын үһүс сийиэһин быһаарыытынан “Булчуттар сойуустара”  “Всекоохотсоюз”  диэн булчуттар бултуур-кэпэрээссийэлэһэр сойуустарыгар кубулуйбута. Саха сиригэр Всекоохотсойуус бастакы артыаллара уонна кэпэрэтииптэрэ тэриллибиттэрэ. Кэпэрэтииптэр булчуттары саанан, туттар сэбинэн хааччыйыахтаахтара уонна түүлээҕи тутуохтаахтара. Саха сирин бырабыыталыстыбата кинилэри түүлээххэ түһэриллэр судаарыстыба нолуогуттан босхолообута.

Быйыл, 2022 сыллаахха, ити курдук сайдыы араас түһүмэҕин ааспыт булт хаһаайыстыбатын 100 сыла бэлиэтэнэр. Бу хаһаайыстыба сэбиэскэй кэмҥэ – ааспыт үйэ биэс уонус-алта уонус сылларыгар күүскэ сайдыбыта. Ол курдук, булт уонна наука быстыспат ситимнэммиттэрэ. Госпромхозтар, ГООХ-тар,  заказниктар, эркээйи сирдэр тэриллибиттэрэ. Кыыл ахсаанын ааҕыыга саҥа ньымалар олохтоммуттара. Үөһэнэн көтө сылдьан учуоту ыытыы, ыйытык көмөтүнэн ахсааны ааҕыы, учуоттуур-хонтуруоллуур былаһааккалар уо.д.а. туһаныллыбыттара.

ССРС үрэллиэҕиттэн мөлтүү быһыытыйбыт Саха сирин булт хаһаайыстыбата бүгүн бу туруктан тахсарга дьулуһар. Наука тэрилтэлэрин быһаччы кыттыыларынан, чуолаан, РНА Сибиирдээҕи салаатын Ирбэт тоҥ кыһалҕаларын үөрэтэр институт  көмөтүнэн бу дьиҥнээх төрүт салаабытын сайыннарыыга уонна тупсарыыга үлэ ыытыллар.  Судаарыстыба өйөбүлүнэн бултуур сирдэри сыаналаатылар,  өрөспүүбүлүкэҕэ баар сир-уот чопчуланна, кыыл-сүөл ахсаанын ааҕар уонна биотэхиньиичэскэй үлэлэр ыытылыннылар. Ардай аһыылаахтар (бөрө, хагдаҥ эһэ) ахсааннарын сүрүннээтилэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биотехния  2000 сыллар бүтүүлэригэр ордук көхтөөхтүк сайдыбыта. Ол курдук, биотэхиньиичэскэй тэрээһиннэр бигэргэммиттэрэ. Кыылы эбии аһатар, туус кутар  былаһааккалар уо.д.а. оҥоһуллубуттара. Бу төрүт дьарыкпытын сайыннарыыга судаарыстыба бэлиитикэтин сөптөөх хайысханан ыыттахха, кыыл-сүөл ахсаана элбиир чинчилээх. Инникитин СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ, СӨ Булт хаһаайыстыбатын департамена, СӨ Биология ресурсаларыгар департамена өрөспүүбүлүкэҕэ тустаах хаһаайыстыбаны сайыннарыыга күүскэ үлэлэһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Иннокентий Семенов, “СӨ Биологическай ресурсаларын, айылҕа ураты харыстанар сирдэрин уонна айылҕа пааркаларын дириэксийэтэ” тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччы.

Хаартыска: дириэксийэ ыытта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

9 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

12 часов ago