Салгыы
Баай-дуол киириитин туох мэһэйдиирий?

Баай-дуол киириитин туох мэһэйдиирий?

21.06.2025, 11:40
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Ханнык баҕарар киһи сырдыкка, үтүөҕэ тардыһар. Олоҕор туох эмит үчүгэй буолуон баҕарар. Ол эрээри үгүстэр үчүгэй киириитин, баай-дуол кэлиитин бэйэлэрэ харгыстыыллар эбит.

Өбүгэлэрбит сайын кэлиитэ бөхтөрүн-сахтарын хомунан, быраҕыллары быраҕан, ууруллары ууран, барытын олус сөпкө дьаһаналлар. Уһун кыһын устата мунньуллубуттан босхолонон, самаан сайыны бэрт сэргэхтик, ыраастык сайылыкка көрсөллөр.

Оттон билигин аныгы үйэҕэ биһиги хайдах дьаһанабытый? Бу ордук куорат эҥээр олороооччуларга туһуланар. Тыа сиригэр ыал үксэ дьиэтин, күүлэтин хомунан, туттуллубаты, туһаныллыбаты ампаарынан, хоппонон дьаһайар буоллаҕына, даачата суох кыбартыыраҕа олороооччу хайдах дьаһанарый?

Бөҕү-саҕы кэлин наада буолуо диэн болкуоҥҥа, улахан купе ыскааптарга симии кыһалҕаны быһаарбат. Этэллэринэн, сыл аҥаара туттубатах малгын-салгын быраҕыахтаах эбиккин. Ол эрээри сыл аҥаара кэппэтим диэн баран унтууну, кыстыыр бэргэһэбитин быраҕар кыахпыт суох. Оттон туһаттан тахсыбыт, хаһан эрэ оҕо хатааһылаабыт салааската, кэлээскэтэ, эргэ самокаттар. бэлисипиэттэр, оҕо ороно, матарааһа ыал ахсын үгүс буолар. Бастатан туран бөх-сах мунньуллуута киһи ис туругун алдьатар. Элбэх кэтиллибэт таҥас хаһан наада буоларын кэтэһэн сытыа суохтаах. саҥа мал-сал, таҥас-сап атыылаһыллыахтааҕын кинилэр куһаҕан, эргэ ньэгирдэрэ бүөлүүр эбит.

Уйулҕа үлэһиттэрэ бэлиэтииллэринэн, ыһыллаҕас, элбэх бөх-сах мустар дьиэтигэр өрүү күүрэ, ыгылла уонна настарыанньата суох сылдьаллар. Онон дьиэни-уоту сайыны көрсө сууйуох иннинэ бастаан бөхтөн, туттуллубат малтан босхолонуохтаахпыт.

Баайы-дуолу тардар сүбэлэр:

Дьиэ түннүктэрэ ыраас буолуохтаахтар.

Дьиэ муостата ыраас буолуохтаах.

Кирдээх иһит-хомуос мунньуллуо суохтаах.

Минньигэс ас сыта дьиэ иһин тунуйуохтаах.

Ыскааптарга, болкуоҥҥа бөх суох буолуохтаах.

Кэтиллибэт, туттуллубат бөх бытаарыы, биир сиргэ тэпсэҥнээһин эньиэргийэтин аҕалар.

Бары сонуннар
Салгыы
21 июня
  • 17°C
  • Ощущается: 16°Влажность: 48% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: