Баайаҕаҕа эдэр уустар болгуону уһаардылар

Share

Кырдьаҕас Баайаҕа уустара былыр былыргыттан болгуо тааһы уһааран, онтон тимири ылан, оҥоһуктарын оҥороллоро.

Аныгы кэм уустара дойдуларыгар хас да төгүл тимири уһаарбыттара. Тимир ууһа Борис Неустроев-Мандар Уус көҕүлээн, баһылык Роман Романов турунан, бастакы уһаарыы ыытыллыбыта. Үс сыллааҕыта этнограф, уус Николай Егоров-Баайаҕыын былыргы уһаарыыны чинчийэн, ол ньыматынан уһаарыыны тэрийбитэ.

Быйылгы уһаарыы уратытынан Баайаҕа үрэҕэ Аллан өрүскэ түһэр тардыытыттан анаан аҕалыллыбыт болгуону уһаарыы буолар. Уһаарыыны көҕүлээччинэн «Мандар кыһата» сайыҥҥы оскуола уһуйааччыта, СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара Иван Неустроев буолар. Уһаарыы балаҕан ыйын 8 күнүгэр Мандар Уус алгыһынан ыытылынна. Бу күн Баайаҕа аатын ааттатар эдэр уустар түмсэн, эт илиилэринэн тутан-хабан, тимири уһааран, олохторугар биир умнуллубат түгэни хааллардылар. Сыралаах үлэ түмүгүнэн, 2 киилэ 700 гр тимири ыллылар.

Бу туһунан «Мандар Уус» пресс-киин иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура

Олоҥхо декадатыгар — «Бэйэ оонньуута»

Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Олоҥхо декадатыгар  аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытылла тураллар. Үөрэнээччилэр олоҥхо дьыктаанын бары…

22 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччы дьүөгэм Хотойук Айгыына

Уус Алдан улууһун Бээрийэтэ  --  аатырбыт отоһут Г.И. Турантаев олорбут дойдута. Билигин манна, айылҕаттан айдарыылаах…

42 минуты ago
  • Сонуннар

Кэрэ сибэккинэн сэтинньи тымныытын сэргэхситэллэр

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр  хараҕы үөрдэр кэрэчээн дьиэ сибэккилэрин олордор хаһаайкалар элбэхтэр. [gallery ids="170741,170742,170744,170746"] Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Прометей”: дьоһун оскуола — дьоһун саҕалааһын

Мин  соторутааҕыта Дьокуускай куорат биир улахан түөлбэтин – “ Прометей”  оскуолатыгар (дириэктэр Прокопьева М.Л.)  сылдьан,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Экодьыктааҥҥа кыттарга ыҥыраллар

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга СӨ Национальнай бибилэтикэтигэр сыллата ыытыллар "Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан" буолуоҕа. Бу…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суруйааччылар мэтириэттэрин быыстапката аһылынна

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сэтинньи 27 күнүгэр сарсыардаттан Афанасий…

4 часа ago