Кулун тутар ыйтан Саха сирин бары улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка дьиэ кыылларын көрүү-истии быраабылалара төһө тутуһуллалларын хонтуруоллуур рейдэлэр буолуохтара. Бэйдиэ сылдьар ыттары тутуу үлэтэ күүһүрүөҕэ. Баайыллыбакка, көҥүл сылдьар ыттар хаһаайыннарын ыстарааптыахтара диэн СИА суруйар.
Бэтэринээрийэ департаменын салайааччы Петр Петров иһитиннэрбитинэн, сыл саҕаланыаҕыттан 93 киһи ыстарааптаммыт. Ыстараап суумата – бастакы кэһиигэ 1000-1500 солкуобай, иккис кэһиигэ – 3000-5000 солкуобай.
—— Ыстараап сүрүн төрүөтэ – ыттары босхо ыытан, көрүүтэ-истиитэ суох хаалларыы. Хаһаайыттар ыттаргытын бэйдиэ ыыппаккытыгар көрдөһөбүт, баайыллыбакка сылдьар ыттар атын дьоҥҥо кутталы үөскэтэллэр, ону тэҥэ, ыт сүтүөн, массыынаҕа киирэн биэриэн сөп, — диэн Петр Петров этэр.
Бэтэринээрийэ иниспиэктэрдэрин рейдэлэригэр олохтоох дьаһалта, административнай хамыыһыйалар, быраабалар уонна полиция үлэһиттэрэ кытталлар.
Үлэ сокуонун эксперэ Анна Иванова 13-с хамнаһы ким ылар бырааптааҕын туһунан кэпсээтэ диэн СИА «Прайм»…
Дьокуускайга биир тэрилтэ үлэһиттэригэр хамнастарын төлөөбөккө, 21 мөл.солк. тахса иэскэ киирбит. Сөптөөх кэмигэр 33 үлэһит…
Олоҥхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыларынан билиниллибитэ номнуо 20-чэ сыл ааста. Ол…
Бу сыл сэтинньиттэн 10 тыһ. тахса сурутааччылаах блог уонна канаал бас билээччилэрэ Роскомнадзорга бэлиэтэниэхтээхтэр (регистарция).…
«Мой бизнес» кииҥҥэ «Папа-предприниматель» үөрэтэр грант түмүгүн таһаардылар. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан түөрт оҕо аҕата, ювелирнай…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, Өлүөнэ өрүскэ кыһыҥҥы бастакы суол аһылынна. Хатас-Павловскай хайысханан айан-сырыы көҥүллэммитин туһунан…