Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая.
«Бакалдын-2024» эбэҥки норуотун бырааһынньыгар 12 улуустан кэлэн кытыннылар.
Бу тэрээһини тэрийбит киһинэн норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Маайа Эдьээниттэн төрүттээх Иван Атласов буолар. Бөдөҥ уопсастыбаннай диэйэтэл Саха сирин аҕыйах ахсааннаах норуоттарын ассоциациятын тэрийбит улахан үтүөлээх.
Иван Михайловиһы кытта анаан көрсөн кэпсэттим.
Эбэҥкилэри чинчийээччилэр «Сибиир аристократтара» диэн ааттаабыттарын туһунан Иван Михайлович анаан бэлиэтээтэ.
Отучча сыл устата эбэҥки норуотун бэрэстэбиитэллэрэ хас да араас суолталаах тэрээһиннэри ыыппыттарын туһунан бэлиэтээн туран, Иван Атласов аны атын норуоттары кытта холбоһон, биир улахан «Бакалдыны» тэрийэн, норуоттары сомоҕолуур былааннаах.
Эбэҥки норуотун «Бакалдын» бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран, АЛРОСА АХ ПАО генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскай тэрилтэ аатыттан норуоту сомоҕолуур айылгылаах Иван Атласовка тэлэбиисэр бэлэхтээтэ.
Иван Михайлович сыралаах үлэтэ сыаналанан, биир дойдулаахтарын кытта «Бакалдын» бырааһынньыгар санаата көтөҕүллэн, үөрэ-көтө бырааһынньыктаата.
Иллэрээ күн, 2025 сыл атырдьах ыйын 31 күнүгэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 529-с нүөмэрдээх Ыйаахха…
Айан-сырыы тарыыба барыбытын долгутар, таксыы эйгэтигэр монополистар бааллар, кинилэр сыананы талбыттарынан үрдэтэллэр. Быйыл сайын…
Бүгүн, 2025 сыл атырдьах ыйын 2 күнүгэр үөрэххэ ылыыга Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет тутар хамыыһыйатын бастакы…
Атырдьах ыйын 2 күнэ үүнэр түүнүгэр балыксыттар Ньурба куорат сөтүөлүүр сириттэн үс килэмиэтирдээх сиргэ Бүлүү…
Ийэ сайын үгэннээн турар кэмигэр кэтэх дьиэлээх дьон тиэргэннэрин араастаан киэргэтэн оҥороллоро үгэскэ кубулуйда. Социальнай…
ИДьМ Дьокуускайдааҕы 2-с нүөмэрдээх полиция салаатыгар 6 саастаах кыыһы ыт ытырбытын туһунан мэдиссиинэ тэрилтэтиттэн суһал…