Салгыы
Баан каартатын булан баран, харчытын барытын туһаммыт

Баан каартатын булан баран, харчытын барытын туһаммыт

Ааптар:
10.11.2024, 15:30
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр атын киһи баанын счетуттан харчы уоруута таҕыста.

Эмсэҕэлээччи дьахтар баан каартатын сүтэрбит эбит. Силиэстийэ быһаарбытынан, эр киһи каартаны булан баран, хаһаайкатын көрдөөбөтөх.

Силиэдэбэтэллэр чахчыларынан, 42 саастаах эр киһи Дьокуускай куоракка уулуссаҕа баар каартатын булбут уонна ону-маны атыылааһарга быһаарыммыт. Уорбаланааччы баан счетун харчытын барытын туһаммыт уонна каартаны уулуссаҕа бырахпыт. Хоромньу суумата 8000 солк. буолбут.
Холуобунай дьыала тэрилиннэ. Уорбаланааччы 6 сылга диэри болдьоххо көҥүлэ быһыллыан сөп диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: