Баара-суоҕа наушник туһуттан сууттанар буолбут
ИДьМ 3-с нүөмэрдээх полиция салаатыгар суумкатыттан 18 тыһ. солк. суумалаах наушнигын уордарбытын туһунан эдэр кыыс сайабылыанньа суруйбут.
Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ Дьааҥы улууһуттан төрүттээх 18 саастаах эрдэ сууттана сылдьыбыт эдэр киһи уорбаланарын быһаарбыттар.
Эмсэҕэлээччи уонна уорбаланааччы түүҥҥү кулуупка билсибиттэр. Кыыс суумкатын уолга туттарбыт. Арыгы испит туруктаах буолан, малын уолга туттарбытын умнан дьиэтигэр баран хаалбыт. Уорбаланааччы суумканы дьиэтигэр илдьэ барбыт, иһигэр наушник баарыгар ымсыыран ылбыт. Сарсыныгар суумканы туох да буолбатаҕын курдук курьерынан кыыска ыыппыт. Кыыс суумкатыгар наушнига суоҕун бэлиэтии көрбүт, уол ылбатаҕым диэн кыккыраччы мэлдьэспит. Билэр киһитин кытта комиссионнай маҕаһыыҥҥа тиийэн доҕорун аатыттан уорбут тэрилин 4 тыһ. солк. туттаран кэбиспит. Ылбыт харчытынынан арыгы атыыласпыт.
Уоруллубут малы булбуттар.
“Уоруу” ыстатыйатынан холуобунай дьыаланы тэрийбиттэр. Тустаах ыстатыйанан уорбаланааччы 5 сылга диэри бырааба быһыллыан сөп. Баара-суоҕа наушник туһуттан олоҕо огдолуйар буолбут. Ити туһунан ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: