Дьокуускайга Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба киинэ тутулла турар. Билигин 70% бэлэм буолла. Манна “ВИС” хампаанньа бэдэрээттэһэр тэрилтэлэри үлэлэтэр. Олор истэригэр олохтоох тэрилтэлэр бааллар.
Үлэ-хамнас оргуйан олорор. Дьиэ көҥдөйө бүтэн, биир өттө барыта өстүөкүлэнэн бүрүлүннэ, түннүктэрэ, үрдүгэр үс ураһа куупала турдулар, атриум үрдүгэр өстүөкүлэттэн «күөл» оҥордулар. Билигин ис эркиннэрин туталлар, муостатын оҥороллор. Филармония саалатыгар сыана тутуллан эрэр.
Олус баараҕай, сүҥкэн тутуу буолара харахха быраҕыллар. Манна филармония, икки тыйаатыр киириэхтэрэ. 36,7 миэтэрэ үрдүктээх, 33 тыһыынча кв. м иэннээх сиргэ филармоническай, эрэпэтииссийэлиир, мультимедийнай, сиэр-туом оҥоһуллар саалалара уонна үрдүк технологиялаах тыйаатыр саалата баар буолуохтара.
СЫЫППАРАЛАР
Эбийиэккэ барыта
217 киһи уонна
12 тиэхиньикэ
үлэлиир.
Дьиэ үрдүгэр амфитеатрдаах, куораты көрөр уонна сынньанар былаһааккалар баар буолуохтара. Үс саалаҕа 1530 киһи киирэр кыахтаах. Аан дойдуга маннык ураты култуура кластера суох диэххэ сөп.
Пуорт оройуонугар “Смарт” поликлиника – 2-с №-дээх куорат балыыһатын поликлиниката тутулла турар. Тутуу 6 этээстээх, 8856 кв. м иэннээх – манна улахан дьон уонна оҕо поликлиникалара, дьахтар консультацията тус-туспа ааннаах буолуохтара. Симиэнэҕэ 600 киһини көрүөхтэрин сөп.
Билигин 90-ча үлэһит, 5 тиэхиньикэ үлэлии сылдьаллар. Ититии киирбит, өстүөкүлэлэрин, түннүктэрин туруорбуттар. Ис истиэнэлэрин тута, инженернэй ситимнэрин тарда, тас эркиннэрин оҥоро сылдьаллар. Барыта 5520 кв. м бетон ууруллубут. Дьиэ 65%-на тутуллубут.
Билигин 90-ча үлэһит, 5 тиэхиньикэ үлэлии сылдьаллар. Ититии киирбит, өстүөкүлэлэрин, түннүктэрин туруорбуттар.
Саҥа поликлиника Дьокуускай куоракка биир улахан мэдиссиинэ киинин быһыытынан үлэлиэҕэ. Аныгы мэдиссиинэ тэриллэринэн, миэбэлинэн хааччыллыаҕа. Поликлиниканы “ВИС” хампаанньа от ыйыгар тутан киллэрэр былааннаах. Тутуу судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии көрүҥүнэн ыытыллар.
САНААЛАР
Сергей Козловскай, “ВИС” бөлөх корпоративнай коммуникацияларга департаменын салайааччы:
– Судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии көрүҥэ үчүгэйэ диэн, маннык улахан тутууларга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ ноҕуруускаламмат. Бүддьүөт бастаан 30-40%-нын төлүүр, уоннааҕытын кэлин биэрэр. “ВИС” хампаанньа анал тиэхиньикэнэн, миэбэлинэн толору хааччыйан, тутан биэрэр уонна хас да сылы быһа мэктиэ биэрэн, инженернэй, тиэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйар. Онон хаачыстыбаҕа кыһаллабыт, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһабыт.
Судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии көрүҥүнэн тутуллар дьиэлэр болдьохторугар тутуллубакка, туран хаалбаттар, тоҕо диэтэр, хампаанньа бэйэтин үбүн укпут буолан, тутан бүтэрэргэ интэриэстээх.
Андрей Суслов, “ВИС” бөлөх Саха сиринээҕи управлениетын бэрэстэбиитэлэ:
– Култуура кластерын технологическай хааччыллыыта, филармоническай уонна тыйаатыр саалаларын акустиката дойдуга биир бастыҥ буолуоҕа. Уһук Илиҥҥэ маннык таһымнаах эбийиэк суох. Ирбэт тоҥҥо улахан тутууну ыытыы бырайыактааһыҥҥа да, ураты технологиялары туһаныыга да кытаанах ирдэбиллэрдээх. Сыбаайалара хамсаабаттарын туһугар, тоҥорор тэриллэрдээх. “ВИС” бырайыактара Дьокуускай маастар-былааныгар киирбиттэрэ уонна национальнай бырайыак ирдэбиллэригэр толору эппиэттииллэр. Төһө да хамсык, сааҥсыйалар мэһэйдээтэллэр, баан бырыһыана үрдээтэр, тутуу тохтообото. Бу чааһынай партнер эппиэтинэһэ буолар.
Владик Федоров, штукатур-маляр:
– Оскуоланы быйыл бүтэрбитим, «Заводы Поволжья» диэн бэдэрээттэһэр тэрилтэҕэ киирэн, алтынньыттан үлэлиибин. Үлэ-хамнас этэҥҥэ бара турар, күн аайы истиэнэни штукатуркалыыбыт. Сарсыарда 8 чаастан симиэнэ саҕаланар, киэһэ 8 чааска диэри үлэлиибит. Күнүс аһаталлар. Дьиэм чугас турар, онон сылдьарга бэрт. Элбэххэ үөрэнним. Хамнастара үчүгэй. Бу киин тутуллан бүтүөр диэри үлэлиэхпит.
ААПТАР ХААРТЫСКАЛАРГА ТҮҺЭРИИЛЭРЭ
Тохсунньу 3 күнүгэр Решетников аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэриттэн эр киһи өлүгүн булбуттар. Барыллаан…
Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -17 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Сыл бүтэһик күнэ тиийэн кэллэ. Дьэрэкээн кырыанан бүрүллүбүт түннүгү одуулуубун. Дьиримниир уоттардаах араас өҥнөөх лаампалар…
Бу күннэргэ Эдьигээн улууһугар Бэстээх сэлиэнньэтигэр хочуолунай умайан, балаһыанньа кытаата сырытта. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы…
«Баҕа санаа харыйата» аахсыйаҕа Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий…
2024 сылга саха киинэтэ рекорд олохтоон, кассовай хомуур 157 мөл. солк. тэҥнэстэ. Бу манна улахан…