«Баарсабыт өрөмүөннэнэрэ буоллар, кыһалҕа кыһарыйыа суох этэ»
Биир күн Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр командировкаҕа тиийэ сырыттыбыт. Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар билигин кыстыгы туорааһын боппуруоһа биир суолталааҕынан буолара саарбахтаммат. Ол да иһин, нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһин Алексей Андреевич Евсеевы көрсөн кэпсэттибит.
Алексей Евсеев, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлииһэ:
– Быйылгы кыстыкка от былаанын Нам улууһа 107 бырыһыан толорон олорор буоллаҕына, биһиги нэһилиэк 85 бырыһыаҥҥа тиэртибит. Ол иһигэр, бааһынай хаһаайыстыбалар бары 100 бырыһыан кыһыны туоруур оттоохтор. Арай, тус хаһаайыстыбалаах биирдиилээн дьоҥҥо иккилии-үстүү туонна тиийбэт. Онуоха туһааннаах кэпсэтиилэри ыытан, кинилэргэ эмиэ от тиэйэ сылдьабыт. Мантан саас кэтэх хаһаайыстыбаларга тиийбэтэҕинэ, боппуруоһу быһаарарга үлэлэһиэхпит.
Биһиги нэһилиэк олохтоохторун, отчут-масчыт дьонун биир тыын суолталаах кыһалҕатынан арыыга отчуттары, тиэхиньикэни туоратыы буолар. Баарсабыт (СПЖ) олох эргэрдэ, олохтоох өрөмүөнү эрэйэр, саппаас чааһа мээнэ көстүбэт.
Улууспутугар 3 эрэ баарса баар: Хатыҥ Арыыга, 2-с Хомустаахха уонна Көбөкөҥҥө.
Нэһилиэкпит баарсата атын нэһилиэктэр дьоннорун эмиэ таһар. Алдьанан хааллаҕына, арыыга туораан үлэни саҕалыахтаах дьон күннээх үтүө күнү-дьылы куоттаран кэбиһэбит. Холобур, быйыл сайын оннук балаһыанньа үөскүү сырытта. Ону 2-с Хомустаахтан баарса кэлэн көһөрөргө көмөлөспүтэ. Бэйэлэрин дьоннорун эмиэ таһар буолан, кэтэһиилээх-манаһыылаах буолбута, күннээх күнү-дьылы куоттаран, 20-чэ күн тохтоло суох ардахтаах кэмҥэ түбэспиппит. Субуу бөҕө ардахха былдьаммыта, арыыга намыһах ходуһалар ууга сытан хаалбыттара. Аны, уу түһэрин кэтэстэхпитинэ, оппут ардыгар охтуор диэри хойуутук үүнэр уонна сүөһү, сылгы киирэн тэпсэн кэбиһэр. Дьиҥэр, от үүнүүтэ быйыл аһара үчүгэй этэ, кыстыыр от кэлиэхтээҕэ (холобур, былырыын 400-чэ туонна кыстыыр оппут Амур уобалаһыттан кэлбитэ).
Быйыл сайын СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко бэйэтинэн кэлэн көрөн барбыта. Ону сэргэ тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы эмиэ көрбүтэ-истибитэ.
Биир уолбут Ариан Захарович Винокуров Дьиэ кэргэн граныгар кыайан, хотон туттан, сүөһү, сылгы, сибиинньэ ииттэр. Оттон Сергей Дьяконов «Агростартап» граныгар кыайан, түргэнник ситэр салаанан дьарыктанар.
Быйыл нэһилиэкпитигэр сүөһү ахсаана лаппа аҕыйыыр чинчилээх. Ол төрүөтүнэн, ханна да буоларын курдук, сүөһү көрөр дьон сааһырыыта, сүөһү көрөр ыччат суоҕа буолар уонна, биллэн турар, ходуһаларбыт ууга баран хоромньуну таһаарыылара атахтыыр.
Ходуһаларбытын ынах-сүөһү, сылгы киирэн тэпсибэтин диэн быйыл чаачар ааннаан, күрүө туттубут. Субуотунньук тэрийдибит. Манна сыһыаран эттэххэ, атын сиртэн бултуу, балыктыы, сир астыы кэлэр айанньыттар сорохторо күрүө аанын арыйан баран саппат идэлээхтэр, биһиги кыһалҕабытыгар наадыйбат курдуктар. Ол иһин, харабыллыыр үлэһиттээхпит, сарсыарда аһар, киэһэ сабар, ол быыһыгар туох алдьаммытын-кээһэммитин көрө сылдьан өрөмүөннүүр.
Нэһилиэк дьаһалтата (баһылык Иван Дмитриевич Ноговицын), тыа хаһаайыстыбатын управлениета сүөһү тутар дьоҥҥо туох кыалларынан көмөлөһө сатыыр. Дьон үүтүн туттарар, сыаната билигин кыра, лиитирэтэ – 60 солкуобай: 50 солкуобайа – субсидия, 10 солкуобайын “Эрэл” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ биэрэр. Биир төбө ынахха 35 тыһыынча бэриллэр, ону ылан баран, үүттэрин туттарбат дьон эмиэ бааллар. Ити 35 тыһыынча бэриллиитин суох гынан баран, ити харчыны үүт атыылаһыллар сыаната үрдүүрүгэр биэрэллэрэ буоллар диэн баҕа санаа баар. Оччоҕуна дьон интэриэһэ үрдээн, үүт туттарааччы да, ынах-сүөһү ахсаана да элбиэ этэ.
Инникибитин санаан туран, улуус үгүс нэһилиэктэрин хааччыйар баарсабытын өрөмүөннүүргэ бырабыыталыстыба өттүттэн болҕомто, кыра да көмө көрүллэрэ буоллар диэн баҕалаахпыт.
(хаартыскаҕа: хаҥастан уҥа: Сергей Дьяконов уонна Алексей Евсеев)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: