Салгыы
Баатаҕай бөһүөлэккэ гараж иһигэр икки киһи өлүгэ булулунна

Баатаҕай бөһүөлэккэ гараж иһигэр икки киһи өлүгэ булулунна

Ааптар:
18.10.2024, 10:45
Хаартыска: СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр суукка иһигэр 8 буруйу оҥоруу регистрацияланна. Бу туһунан СӨ Борокуратуутарын пресс-сулууспата суруйар.

Дьокуускай куоракка Горькай аатынан уулуссаҕа турар дьиэ подъеһыттан быһаҕынан анньыллыбыт эр киһи балыыһаҕа киирдэ, 1985 с.т. уорбаланааччы тутулунна.

Дьокуускайга уонна Ленскэйгэ олохтоохтор түөкүттэргэ 3 мөл. солк. тахса суумалаах харчыны уордарбыттар. Түөкүттэр Социальнай пуонда, Энергосбыт үлэһиттэрэ, суотабай сибээс оператора буолан кубулунан албыннаабыттар. Ону таһынан Дьокуускай куоракка 930 тыһ. солк. уонна 1 мөл.солк. тахса суума харчыны уорбуттар.

Үөһээ Дьааҥы улууһугар Баатаҕай бөһүөлэккэ гараж иһиттэн тумнастан өлбүт 1977 с.т эр киһи уонна 1976 с.т. дьахтар өлүктэрин булбуттар.

Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр гараж иһигэр эмиэ тумнастан өлбүт 1995 с.т. эр киһи өлүгэ булуллубут.

Нерюнгри оройуонугар 1977 с.т. суоппар «Тойота-Хайс» массыынанан суолтан туораабыт. Саахал түмүгэр миэстэтигэр өлбүт.

Сунтаар улууһун Сунтаар сэлиэнньэтигэр  «Тойота- Королла» массыына 38 саастаах  суоппара суолтан туораан чааһынай дьиэҕэ кэтиллибит уонна миэстэтигэр суһал көмө кэлиэ диэри суорума суолламыт.

Сууккаҕа 9 суоппар итирик туруктаах сылдьан тутулунна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
7
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: