Дьааҥы улууһун Баатаҕай нэһилиэгин олохтоохторо ыраас иһэр уунан хааччыллыахтара.
Ол курдук, ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутуута түмүктэннэ. Ууну ыраастыыр саҥа ыстаансыйа 1100 кууб ууну сууккаҕа оҥорон таһаарар. Ыстаансыйа ууну оботторор холуодьастаах. Тутуу эбийиэгэ СӨ ГУП»ОДьКХ»-нан үлэҕэ киирдэ. Сааскы-сайыҥҥы кэмнэргэ өрүс хамсыыр кэмигэр ыстаансыйа эрэсиим быһыытынан үлэлиир, ону таһынан олохтоох үлэһиттэри ыстаансыйа тэриллэригэр үөрэтии үлэтэ ыытыллыахтаах. Дьэ, ол эрэ кэннэ ыраас уунан хааччыллыы үлэтэ барыахтаах. «Ыраас уу» бырагыраама РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллар. 2025 сылтан бырайыак «Инфраструктура для жизни» диэн саҥа национальнай бырайыак састаабыгар киирэр.
Бырагыраама уопсай үбүлээһинэ 2019 -2024 сылларга 3,5 миллиард солкуобайга тэҥнэспит. Сүрүн соруга — иһэр уу хаачыстыбатын тупсарыы буолар.
Маннык уу ыстаансыйата билигин Бэрдьигэстээххэ уонна Алтаҥҥа, ону таһынан Өлүөхүмэҕэ, Ньурбаҕа, Покровскайга, Сунтаар, Амма нэһилиэктэригэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэйигэр, Үөһээ Бүлүүгэ тутулла турар.
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар. Ленскэй…
Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…
Саха сиригэр 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,8 бырыһыанынан үрдээбит. Ити…
Суоттуга "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр (сал. Гоголева Е.Н.) "Старые песни о главном" тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус…
"Доруобуйа харыстабыла" национальнай бырайыак олоххо киириэҕиттэн, Саха сирин балыыһаларыгар анаан уопсайа 331 көлө ылыллыбыт. Ол…