Баатаҕайга чөлүгэр түһэрии үлэтигэр Дьокуускайтан биригээдэ тиийиэҕэ
23.02.2024, 08:56
Бөлөххө киир:
Дьааҥы улууһун Баатаҕайыгар олунньу 22 күнэ үүнэр түүнүгэр «Киин» хочуолунай ититэр ситимигэр саахал тахсыбыта. Онон хочуолунай үлэтэ тохтотуллубута.
Бүгүн сарсыарда «Полярные авиалинии» АХ сөмөлүөтүнэн Дьокуускайтан Баатаҕайга «Киин» хочуолунай үлэтин чөлүгэр түһэриигэ аварийнай биригээдэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ Суһал ыстаабыгар ОДьКХ миниистирэ Вячеслав Емельянов иһитиннэрдэ.
«Биригээдэ састаабыгар сварщиктар, силиэсэрдэр, сантехниктар уонна да атын исписэлиистэр бааллар. Бөлөҕү ОДьКХ миниистирин солбуйааччы Сергей Киров уонна «ОДьКХ» ГУП кылаабынай инженерэ Андрей Лебедев салайаллар», — диэтэ министиэристибэ салайааччыта.
Аварийнай-чөлүгэр түһэрии үлэтигэр билигин 45 киһи үлэлиир.
Хочуолунайга биэс хочуолтан иккитэ үлэлиир.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: