Салгыы
«Баҕа санаа харыйата» аахсыйа саҕаланна

«Баҕа санаа харыйата» аахсыйа саҕаланна

29.11.2024, 18:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

 «Движение первых» Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын «Баҕа санаа харыйата» диэн аһымал аахсыйаны биллэрэр. Аахсыйаны Ыччат федеральнай ааҕыныстыбата өйүүр.

Бу аахсыйаҕа ким баҕарар кыттан, тулаайах, инбэлиит, ыарыһах оҕолорго уонна кыаммат ыаллар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы бэлэх оҥоруон сөп. Маны тэҥэ, Донецкай, Луганскай Өрөспүүбүлүкэлэргэ, Запорожскай, Херсонскай уобаластарга, Белогородскай, Курскай, Брянскай уобаластарга олорор дьиэ кэргэттэр оҕолоругар эмиэ көмө оҥоһуллар.

Аахсыйа 89 эрэгийиэҥҥэ сэтинньи 15 күнүттэн 2025 сыл  олунньу 28 күнүгэр диэри ыытыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 88 тыһыынча киһи, 1,5 тыһыынча тэрилтэ кыттыстылар. VK, «Сбер», «Автодор», «Объединенная зерновая компания», «ЛокоТех-Сигнал», о.д.а. улахан хампаанньалар сыллата кыттыһаллар.

Аахсыйа офлайн уонна онлайн көрүҥүнэн ыытыллар. Уопсастыбаннай сирдэргэ харыйалар туруохтара, онно оҕолор баҕа санаалара суруллан, ыйанар. Ким баҕалаах ону ылан, оҕо баҕа санаатын толорор кыахтаах. Оттон онлайн көрүҥүнэн, аахсыйа саайтыгар киирэн, бэлэҕи талан, төлүөххэ сөп.

Сайаапкалары  елкажеланий.рф саайтка ыытыахха сөп, маны тэҥэ, кыаммат ыалларга көмөлөһөр сыаллаах  праздникнастол.рф платформа үлэлиир.

«Баҕа санаа харыйата» хаһыс да сылын ыытыллар, Арассыыйаҕа ураты үгэскэ кубулуйда. Дьону түмэр, үтүөнү үксэтэр аһымал санаа оҕо дьоллонорун, олохпут тупсарын туһугар үксүү турдун!

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: