Баҕа санаа туолуохтаах…

Баҕа санаа туолуохтаах…

07.01.2025, 13:30
Саҥа дьыл баҕа санааны кытта ситимнээх.
Бөлөххө киир:

Киһи улааттаҕын аайы баҕа санаата аччаан иһэр, үтүөҕэ, сырдыкка уонна дьиктигэ итэҕэйиитэ сыыйа сүтэр дииллэр. Үгүстэр “аата, кыра оҕоҕо дылы ону ыралыы сылдьыахпыт дуо” дэһэллэр. Ол эрээри уйулҕа үлэһиттэрэ быһаарбыттарынан, киһи сааһырыыта, ол эбэтэр 50 сааһын ааһыыта оҕо сааһын курдук баҕа санаа кистэлэҥнэригэр уйдарар эбит. Бэйэтэ да билбэтинэн, туох эрэ дьиктини, буолуохтааҕы, кэрэни кэтэһэр буолар.

Сүпсүлгэҥҥэ үтүрүйтэрии

Дьиҥ олоххо күннээҕи сүпсүлгэҥҥэ ыктаран, үгүс киһи бэйэтин ис санаатын иһиллэммэт эбит. Кини күннээҕи түбүк, кыһалҕа, олох-дьаһах хаамыытынан күнүн-дьылын барыыр. Ол түмүгэр ис санаа иэйиитин истибэт буолууттан са­­наа-оноо түһүүтэ, ардыгар ыарыы да буулуон сөп дииллэр уйулҕаны үөрэтээччилэр. Тоҕо эрэ Саҥа дьыл саҕана дьон үксэ дьиктини күүтэр. Хас биирдии киһи иһигэр оҕо олорор. Бу оҕо олох хаамыытынан сайдар, олоххо көрүүлэрэ улары­йар. Ол эрээри кини оҕо сааһын сырдык өйдөбүлэ эбэтэр сүрэх бааһа буолан хаалбыт хомолтото олоҕун суолун устун батыһар эбит. Ол санаа­ҕа хаайтаран кини бэйэтин хааччахтанар, тугу эрэ гыныахтаа­ҕын күөмчүлүүр. Бу барыта киһи ис санаа­тыгар буолар чуумпу мучумаан уйулҕаны кытта ыкса ситимнээҕин психолог-терапевт Михаил Лабковскай да бэлиэтээн турар. Киһи иһигэр олорор кистэлэҥ оҕо кини кыра сааһыгар тахсыахтаах. Оҕо бэйэтин сааһыгар атаахтыахтаах, мэниктиэхтээх, туохха эрэ ымсыырыахтаах, кэмигэр буруйу, быракаа­һы оҥоруохтаах. Оҕо сылдьан өрүү хааччахтаммыт, буойуллубут, ымсыырбыттарын бэлэх ылбатах оҕолор улаатан баран  санаалара тууйуллар, ардыгар ол  хааччахтаныылара төлө барар эбит. Ол иһин киһи оҕо сылдьан мэниктээн, чалбахха, хаарга буккуллан оҕо саас дьолун, үөрүүтүн билиэхтээх. Оҕо саас тыына аптаах. Ол иһин оҕо курдук үөрүнньэҥ буолуҥ дииллэр.

Саҥа дьыл уонна баҕа санаа

Саҥа дьыл баҕа санааны кытта ситимнээх. Уруккуну умнуу, саҥаны былааннааһын, үтүөнү күүтүү барыта эрэлтэн тахсар. Психологтар баҕа санаа туолуутун маннык ырыталлар. Ол курдук сакральнай түүн диэн саҥа сыл үүнэр түүнэ. Биһиги бу түүн 12 чааска  Саҥа дьылы көрсөбүт. Ити кыл түгэн иһигэр баҕа санааны суруйа охсон уматан баран үрүүмкэлээх сампааҥҥа суурайан иһиини киһи эрэ барыта толорбот. Оттон психологтар этэллэринэн, сакральнай түүн тохсунньу бастакы  күнүн көрсүүттэн 12 чыыһылаҕа диэри барар эбит. Бу 12  түүн устата киһи санаатын сааһылыыр, дьиҥ туохха баҕарарын саныыр. Наада буоллаҕына чүмэчи уматар, чуумпурар, сөбүлүүр аһын аһыыр. Ис санааны сааһыланыы саамай сүрүн суолтаны ылар эбит. Барытын саҥаттан сырдыктык саҕалыырга киһи ис туруга бөҕөх буолуох­таах. Ол бөҕөх санаа өйү-санааны ыраас­таныыттан саҕаланар. Киһи өйүн-санаатын ордук санааһынтан, хомолтоттон, кыыһырыыттан босхолуох­таах. Куруук үөрэ-көтө, сэргэхтик сылдьар дьон баҕа санаата тоҕо туоларый? Кинилэр ис санаалара кири-хоҕу мунньубат, туох эмит быһыы-майгы да тахсар буоллаҕына, кинилэр ону аһыыр аһылыктарыгар уонна утуйар оронноругар соспоттор. Оттон остуол уонна орон киһи ис кутун сааһылыыр саамай сүрүн буоларын умнумаҥ. Онон бу 12 күн устата сырдыгы эрэ ыралаатахха, баҕа санаалар барыта да туолаллар эбит.

Баҕа санааны сөпкө саныахха…

Билигин блогердар, коучтар баҕа санаа туолар каартатын оҥорорго маастар-кылаастары ыыталлар. Дьон ый инниттэн эрдэ суруйтараллар. Мин саныахпар, киһи баҕа санаа­та бэйэтин эрэ киэнэ. Элбэх сүпсүлгэн быыһыгар баҕа санаа куттаныан сөп. Кини наһаа чараас уонна салгыҥҥа баар. Аптаах салгыны киһи чуумпуга иһийэн үөскэтэр. Тыыннаах харыйа лабаата баҕа санааны толорор диэни оҕо сылдьан ааҕан турардаахпын. Дойдубар тыыннаах харыйа суох буолан, улааттахпына, бэйэм туспа дьиэ­лэннэхпинэ, тыын­наах харыйаны туруоруом уонна симиэм дии саныырым. Тоҕо тыыннаах харыйа? Тыыннаах харыйа ууга туран тыллар. Кинини симии сылдьан санаа­быт сырдык ыраҥ түргэнник туолар.  Баҕа санааҕын са­­наан ыйаабыт суруккун, хары­йаҥ оонньуурун туора харах­таах көрүө суохтаах. Кинини номнуо туоларын курдук сааһы­лаан суруйуохха наада. “Мин саҥа массыынаҕа ымсыырабын” эбэтэр “Саҥа массыына атыылаһыахпын баҕарабын” диэн суруйдахха, баҕа санаа туолбат, кини баҕа санаа быһыытынан эрэ хаалар. “Мин саҥа массыыналанабын” диэн суруйдахха, чахчы туолар.

Дьиҥ олоххо күннээҕи сүпсүлгэҥҥэ ыктаран, үгүс киһи бэйэтин ис санаатын иһиллэммэт эбит. Кини күннээҕи түбүк, кыһалҕа, олох-дьаһах хаамыытынан күнүн-дьылын барыыр. Ол түмүгэр ис санаа иэйиитин истибэт буолууттан санаа-оноо түһүүтэ, ардыгар ыарыы да буулуон сөп дииллэр уйулҕаны үөрэтээччилэр.
Аптаах сыттык

Баҕа санаа  чуумпуну таптыыр. Кини ыксалы, сүпсүлгэни уйбат. Киһи санаатын суру­йар кистэлэҥ тэтэрээттээх, болокунуоттаах буолар. Аптаах салгыны үөскэтэн чүмэчи уотугар ис санаа кистэлин суруйуу олус туһалааҕын эзотериктар бэлиэ­тииллэр. Маны таһынан, икки сакральнай бэлиэ күнүнэн тохсунньуга эргэ Саҥа дьыл үүнэр түүнэ буолар. Бу түүн  хааччаҕа суох бары баҕа санаа барыта туолар үһү. Баҕа санааны сыттык анныгар уктуу эбэтэр харыйа лабаатыгар иилии улахан суолталаах. Бу түүн сыттык кытта аптаах тыыннанар. Сыттык анныгар сытан кини киһи баҕа санаатын кытта ситимнэһэллэр. Киһи утуйдаҕына, өйө-санаата босхолонор, кута үөһээ тахсар диэччилэр. Салгын кут ханна сылдьыбытынан киһи түүл түһүүр. Ардыгар туохха эрэ наһаа күүскэ баҕардахха, ол санаа туолар.

Олохтон холобур

Биир ыал баҕа санаалара туолан дьиэ атыыласпыттар. Ол эрээри кинилэр бу иннинэ аһара кыараҕас биир хос­тоох кыбартыыраҕа олорортон сылайан өрүү маннык саҥараллар эбит: “Ыраах да, чугас да буоллун, киэҥ эрэ дьиэ­лэниэххэ” диэн. Ол баҕа санаа­лара туолан кинилэр киэҥ дьиэ атыыласпыттар эрээри, ол ­дьиэлэрэ куорат биир уһугар буолан айаннарыгар бэркэ эрэйдэммиттэр. Ыал ийэтэ икки сыл астына-дуоһуйа олорбут. Оҕолоро оскуолаҕа киирбиттэригэр өйдөөбүтэ, дьиэ­лэрэ чахчы олус ыраах эбит. Оттон кэргэнэ кини баҕа санаа­тын ылыммат да, өйөөбөт да эбит. Ол эрээри санаа күүһэ тугу кыайбатаҕа баарай? Саҥа, улахан массыына атыылаһыахтаах харчыларынан кинилэр иккис дьиэлэрин атыыласпыттар. Оттон баҕа санаа туолуутун кистэлэҥэ – ыал ийэтэ хас киэһэ ахсын ыра санаатын оҕолоругар, кэргэнигэр кэп­­сиир эбит. Биирдэ өйдөөбүттэрэ, саҥа иккис дьиэ атыылаһыыта бу ыал тутаах боппуруостара буолбут эбит. Баҕа санааны өрүү саныы уонна бэйэ дьонугар саҥара сылдьыллыах­тааҕын киһи олох олорон истэҕин ахсын өйдүүр.

Иккис түгэн. Кэргэн тахсыан наһаа баҕарар сааһыран эрэр кыыс өрүү үөрэхтээх, өйдөөх киһи туһунан саныыр эбит. Ол эрээри кини тулалыыр эйгэтигэр маннык үөрэхтээх, хаһаа­йыстыбаннай, боччумнаах уол  суох эбит. Ордук ийэлээх аҕата күтүөт кэлиэ охсуон баҕараллар эбит. Оттон кыыс дэриэбинэҕэ олорон үлэтэ, дьиэтэ буола сылдьыбыт. Биир үтүө күн киин сиргэ сэминээргэ тиийбит уонна били оҥорон көрөр уобараһын кытта билсибит. Билсиһии сыыйа доҕордоһууга кубулуйбут. Эһиилигэр  бу дьон ыал буолбуттар. Баҕа санаа кистэлэҥэ – эн тулалыыр чугас дьонуҥ эмиэ тэҥҥэ баҕарар буоллахтарына, баҕа санаа туолуута күүһүрэр уонна түргэтиир.

ХААРТЫСКА: HTTPS://PXHERE.COM/RU/PHOTO/646930

+1
7
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
8 января
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: