Баҕаны тыыннаахтыы ыйыстыы көмөлөһөр дуу, суох дуу?
«Баҕаны тыыннаахтыы ыйыстыы куртах-оһоҕос ыарыыларыгар чахчы көмөлөһөр дуу, суох дуу?», — диэн ыйытыкка Дьокуускай куорат гастроэнтеролог бырааһа хоруйдаата. Бу туһунан СИА суруйар.
Былыргы сахалар эмтэнэр ньымаларыгар сэллик буолбут киһиэхэ, куртах-оһоҕос ыарыыларыгар кыра баҕаны тыыннаахтыы ыйыһыннараллар эбэтэр эһэ сыатын сиэтэллэр диэн баар. Ол курдук, тыыннаах баҕаны тыыннаахтыы ыйыһыннахха, норуокка этиллэринэн, гастрит уонна куртах бааһын ыарыыларыгар туһалыыр диэн тарҕанар. Сорох дьон билиҥҥэ диэри бу ньыманы туһаналлар, ону ааһан социальнай ситимнэринэн сүбэ-ама оҥостон тарҕаталлар. Кинилэр этэллэринэн тыыннаах харамай бүрүйэр салахайа киһи куртаҕын бөҕөргөтөр уонна куртах баастарын эмтиир үһү. Бу ньыма төһө кырдьыктааҕын уонна чахчы киһи куртаҕар киирбит тыыннаах баҕа салгыы хайдах буоларын туһунан гастроэнтеролог-быраас Парасковья Мекюрдянова кэпсээтэ.
Парасковья Мекюрдянова ХИФУ мэдиссиинэ институтун 2007 сыллаахха бүтэрбитэ. 2012 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка гастроэнтеролог идэтигэр үөрэммит. Билигин Family Clinic дьиэ кэргэн мэдиссиинэ киинигэр уонна «Pro здоровье» доруобуйа уонна киһи ыйааһынын уларытыы киинигэр гастроэнтеролог-бырааһынан үлэлиир.
«Мэдиссиинэ өттүттэн ылан көрдөххө, гастрит уонна куртах ыарыыларыгар тыыннаахтыы баҕаны ыйыстыы көмөлөспөт. Бу наукаҕа сыһыана суох норуот ньымата. Тыыннаах баҕа бастаах куртахха киирэн солянай кислотаҕа буһар, ол кэннэ салгыы оһоҕоско киирэн ферменнэр дьайыыларынан ситэри буһар», — диэн быраас быһаарар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: