Салгыы
Баһаар буруота 17 нэһилиэккэ биллэр

Баһаар буруота 17 нэһилиэккэ биллэр

Ааптар:
21.07.2024, 14:03
Хаартыска-: ЫБММ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Авиалесоохрана иһитиннэрэрринэн, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 76 ойуур баһаара баар. Уот хаппыт иэнэ 573 тыһ.га. 

Суукка устатыгар 16 баһаар умуруорулунна, 11 баһаар бохсулунна.

Өлүөхүмэ улууһугар Бэс Күөлтэн 9,8 км  тэйиччи сиргэ баһаар хаппыт иэнэ 13 059 га. Уоту 80 киһи, үс тиэхиньикэ умуруораллар. Дабаантан 13,5 км сиргэ баар баһаар иэнэ 15 302 га. Баһаары умуруорууга 85 киһи сылдьар, 14 тиэхиньикэ үлэлиир. 4,7 км. анал балаһа оҥоһуллубут. Куду Күөлтэн 9,4 км сиргэ баар баһаар иэнэ 3 680 га. Уоту умуруорууга 69 киһи үлэлии сылдьар. Хороттон 8,8 км сиргэ 420 га иэннээх баһаар бохсуллубут. Уоту умуруорууга 30 киһи үлэлиир. Тээнэттэн 7,8 км сиргэ баһаар бэлиэтэнэр, иэнэ 2 551 га. Уоту умуруорууга 56 киһи, 1 тиэхиньикэ үлэлииллэр.

Үөһээ Бүлүү улууһугар Кулуһуннаахтан 7,2 км сиргэ 909 га иэннээх сири хаппыт баһаар бохсуллубут. Баһаары умуруорууга 32 киһи уонна 10 тиэхиньикэ үлэлиир. Быракаантан 10 км сиргэ баһаар иэнэ 8 500 га. Умуруорууга 109 киһи сылдьар, 21 тиэхиньикэ үлэлиир. Өргөт чугаһыгар баар 3 755 га иэннээх сири хаппыт баһаары умулларыыга 40 киһи сылдьар, 3 тиэхиньикэ үлэлиир.

Абый улууһугар Белай Гораттан 14 км тэйиччи сиргэ баар баһаар иэнэ 3 276 га. Уоту умуруорууга 77 киһи, 2 тиэхиньикэ үлэлиир. Киэҥ Күөлтэн 19 км сиргэ баһаар хаппыт иэнэ 22 550 га. Уоту умуруорууга 47 киһи, 4 тиэхиньикэ үлэлиир.

Ленскэйгэ Орто Наахараттан 10 км сиргэ 10 га иэннээх сири хаппыт баһаары 6 киһи умулларар.

Мииринэй улууһугар Арыылаахха 0,2 га иэннээх сири хаппыт ойуур баһаара бохсуллубут. Уоту умуруорууга 6 киһи, 4 тиэхиьникэ үлэлииллэр.

«Суукка устатыгар баһаар иэнэ аччатылынна, 100 тыһ. гектар. Бу соҕуруу уонна соҕуруулуу-илин диэки ардах түһэн. РФ ЫБММ авиацията Абый уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар үлэлээтэ. Салгын ааллара бүгүн салгыы үлэлииллэр. РФ ЫБММ аэромобильнай бөлөҕө Дабааҥҥа, Быракааҥҥа уонна Киэҥ Күөлгэ үлэлииллэр«, — диэн этэр ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетын начаалынньыга  Павел Гарин иһитиннэрэр.

Бүгүҥҥү иһитиннэриинэн, 17  нэһилиэнньэлээх пууҥҥа буруо бэлиэтэнэр. Бу Абый, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ улуустарыгар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: