Баһаар дьайыытын үөрэтэллэр

Share

Ойуур баһаардара өрөс­пүүбүлүкэ экологиятыгар дьайыыларын туһунан Саха сирин устуоруйатыгар саамай киэҥ хабааннаах чинчийиилэри АЛРОСА Экологияҕа киинэ Саха сирин учуонайдарын кытары ыытар.

Быйыл исписэлиистэр Саха сирин соҕуруу, арҕаа уонна хоту өттүгэр сылдьан, улахан матырыйаалы хомуйдулар. АЛРОСА экологияҕа биир улахан быра­йыага уу биологическай ресурсаларын уонна хампаанньа үлэлиир сирин эйгэтин чинчийиини кытары сибээстээх.
Ойуур баһаардара Саха сирин экологиятыгар дьайыытын чинчийиигэ лаборатория­ҕа үлэ түһүмэҕэ саҕаланна. Ол туһунан наука-чинчийии үлэлэрин сала­йааччы, биология наукатын дуоктара, РНА СС криолитозона биологическай кыһалҕаларыгар институтун дириэктэрин солбу­йааччы Александр Исаев кэп­сээтэ.
Чинчийии бу түһүмэҕин суолтатын уонна бастакы түмүктэр туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Хонуу ааспыт үлэтигэр биһиги аҕыс оройуон: Мииринэй, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Горнай, Хаҥалас, Нам, Үөһээ Дьааҥы сирдэригэр-уоттарыгар үлэлээтибит. Эһиил өссө кэккэ улуустары былаанныыбыт, онон түмүк туһунан этэр билиҥҥитэ эрдэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги уу, түгэх дьапталҕатын уонна кырыс боруобаларын 50-чэ сиргэ ыллыбыт. Билигин боруобаны бэлэмнээһин ыытыллар, ол эбэтэр анаалыстар сэртипикээттээх лабораторияларга ыытылларга бэлэмнэнэллэр (анаалыһы барытын биир сиргэ оҥоһуллубат). Ону таһынан, биһиги институппут быйылгы уонна урукку чинчийиилэригэр, пуонда матырыйаалларыгар олоҕуран, ойуур баһаара үүнээйигэ уонна кыылга-сүөлгэ дьайыытын ойуулаан көрдөрөр камеральнай үлэ барар. Ол иһигэр, тэҥнээн көрөр анаалыс оҥоһуллар: түөрэх хайдах улаатарыгар, араас куруҥҥа ойуур чөлүгэр түһэригэр уо.д.а.
– АЛРОСА бырайыагынан курдук атын улахан үлэлэр Саха сиригэр хайыы үйэ ыытыллыбыттара дуо?
– Урут улахан үлэлэр ыытыллыбыттара, ол гынан баран, көрүүлэр ситэри оҥоһуллубатахтара. Билигин биһиги ордук элбэх иһитиннэриини күүтэбит, тоҕо диэтэххэ, чинчийиилэр араас өрүттээхтэр. Ону таһынан аныгы иһитиннэрэр ньымалар туһаныллаллар. Биллэн турар, ити барыта ойуур баһаара экологияҕа дьа­йыытын үчүгэйдик сыаналыырга көмөлөһөр.
– Түмүктэри таһаарар эрдэ диэтигит, ол эрэн, ханнык кэтээн көрүүлэри бэлиэтиэ этигитий?
– Ааспыт сыллааҕы куруҥнарга от-мас быгыыта суоҕун кэриэтэ диэн бары кэриэтэ бэлиэтээтилэр. Ити, арааһа, куруҥнар киэҥ иэннээхтэриттэн уонна сиэмэ матырыйаала аҕыйаҕыттан быһылаах. Ону таһынан ирбэт тоҥ ириитин, сорох үүнээйи састааба улары­йыытын суотугар сир-уот күүскэ уутуйбута бэлиэтэнэр.
Бырайыак бастакы түһүмэҕэ – быйыл, иккиһэ 2023 сыл бүтэһигэр түмүктэниэхтэрэ. Чинчийиилэр көмөлөрүнэн ойуур баһаара тулалыыр эйгэҕэ төһө күүскэ дьайара быһаарыллыаҕа, соччото суох уларыйыылары сабаҕалыыр, ону таһынан сир-уот бэйэтэ чөлүгэр түһэригэр кыах баар буолуоҕа. Биир кэлим үлэ бырактыычаскай дьаһаллары ыларга уонна ойуур баһаара экологияҕа куһаҕаннык дьайар кэмин кылгатарга көмөлөһүөҕэ.

* * *

АЛРОСА атын киэҥ ха­­бааннаах бырайыага хампаанньа үлэлиир сирдэригэр уу туругун чинчийиигэ хайысхаланар. Туһааннаах чинчийиилэри Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай университет ыытар. Исписэлиистэр Сохсолоох, Далдын, Бүлүү, Иирэлээх, Кыра Ботуобуйа, Марха, Уулаах Мууна өрүстэр уонна Аата суох (Безымянный) үрэх туруктарын үөрэтэллэр.
Гидробиологтар чинчийиигэ уу базовай элэмиэннэриттэн – фитопланктонтан, зоопланктонтан уонна зообентостан холобурдары ылаллар. Итинтэн экология систиэмэтэ төһө чэбдигэ уонна этэҥҥэ туруктааҕа, балык аһыыр базатын туруга, ол иһигэр бултааһын көрүҥэ, тутулуктаналлар. Исписэлиистэр ихтиофауна туругун сыаналыыллар, ону таһынан, гидрохимическай чинчийиилэргэ уу боруобатын ылыахтара.
Чинчийиилэр бырагыраамалара 2024 сылга диэри суоттанар. Учуонайдар сыл түөрт кэмин хабыахтара, ити уу­­лаах экосистиэмэ туруга уларыйыытын дьиҥнээхтии сыаналыырга көмөлөһүөҕэ. Исписэлиистэр алтынньы саҥатыгар күһүҥҥүгэ былааннаммыт хонуу бастакы үлэлэрин түмүктээтилэр: планктон уонна бентос, ихтиологи­ческай холобурдары, гидрохимическай чинчийиилэргэ уу боруо­батын ыллылар. Чинчийиилэр иккис түһүмэхтэрэ сэтинньи саҥатыгар, уулаах сирдэр мууһунан сабылыннахтарына саҕаланыаҕа. Эһиил саас эспэдииссийэ үлэлэрин сааскы түһүмэҕэ, онтон сайыҥҥыта саҕаланыаҕа. Чинчийиилэр бырагыраамаларын быһыытынан, уу боруобатын ылыы биир туочукаларга ыытыллар. Ити – ылыллыбыт чахчылары сөпкө толкуйдаан таһаарарга суолталаах.
Чинчийиилэр түмүктэрэ учуо­найдарга уонна АЛРОСА экологтарыгар экология улары­йыан сөптөөх туругун сабаҕалыырга уонна ойууру харыстыыр эбии дьаһаллары ыытарга көмөлөһүөхтэрэ.

АЛРОСА пресс-сулууспатын матырыйаалларынан

 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

7 часов ago