Баһаар сезонун түмүгэ таҕыста. Балаһыанньа салгыы тупсарыгар үлэ салҕанар

Share

Ааһан эрэр 2023 сыл түмүгүнэн  Саха сиригэр барыта 879 ойуур баһаара тахсыбыта бэлиэтэннэ. Бүгүн «Якутлесресурс» тэрилтэ баһаар сезонун 2023 сыллааҕы түмүгүн таһаарда. «Якутлесресурс» тэрилтэ бүгүҥҥү туругунан  43 ыстаансыйалаах 22 филиаллаах, онно барыта 631 киһи үлэлиир, онтон 564-дэ ойуур баһаарын кытары быһаччы охсуһар баһаарынай буолар.

Быйыл 2023 с. баһаар сезона саҕаланарыгар сиринэн кэтээн көрүү түмүгэр уопсайа 226,20 гектардаах сиргэ 28 ойуур баһаара турбута бэлиэтэммитэ уонна тута умуруоруллубута. Бу 28 баһаартан биир улахан баһаар 153,0 гектар иэннээх сиргэ бэлиэтэммитэ. Онно «Якутлесресурс» тэрилтэ Ойуур баһаарын утары сулууспатын 308 үлэһитэ,  87 тиэхиньикэ баһаары утары охсуспута.

Биллэрин курдук, ойуур баһаардарын туоратыыга элбэх араас тэрилтэ уонна биирдиилээн дьон, олохтоохтор кытталлар. Быйыл холобур, «Якутлесресурс» тэрилтэ үлэһиттэрэ кыттыыллаах 201 ойуур баһаара (авиация зонатыгар – 125, хонтуруол зонатыгар – 33, сиринэн зонаҕа – 43) умуруоруллубута. Манна барыта 7344 киһи, ол иһигэр Ойуур баһаарын утары сулууспа – 2024 (310 тиэхиньикэ), ЫБММ – 366 (26), МОБ -979 (64) үлэһитэ кыттыбыта.

Ойуур баһаарын эрдэттэн быһаарар туһуттан 2023 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын минис­тиэристибэтигэр 75 маршрутунан 8 525 биэрэс­тэ усталаах сиринэн сылдьан кэтээн көрүү үлэтэ ыытыллара бигэргэммитэ. Ону сэргэ сиринэн сылдьан кэтээн көрүү, сорох сиринэн салгын аалынан манааһын олохтоммута. Ол курдук баһаар сезонун саҥатыгар ойуурга сиринэн сылдьан 4 033 патруллааһын ыытыллыбыта. Ол түмүгэр 11 ба­­һаар туран эрэрин буланнар, тута умуруорбуттара.

Видеомониторинг

Баһаар сезонугар биир саамай көдьүүстээх, уот туран эрэрин көрдөрөр хайысханан ойуурга вышкаларга туруоруллубут видеокамералар буолаллар. Онуоха «Якутлесресурс» тэрилтэ «Ростелеком» ААУо кытары сыл аайы өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ойуур баһаарын ыраахтан кэтиир уонна баһаары булууга  тиһиги хааччыйар өҥөҕө судаарыстыбаннай хантараак түһэрсиллэр. Ааһан эрэр сылга барыта 32 видеокамера тыа саҕатыгар туруоруллубута. Ойууру маннык кэтээн көрүү түмүгэр 11 сиргэ уот туран эрэрин көрөн, тута умуруоруллубута.

Холобур ылан көрдөххө, өр сыллаах быраактыкаҕа олоҕуран быһаарыллыбытынан, баһаар тахсыан сөптөөх сирдэригэр камералар туруоруллаллар. Ол курдук, саамай элбэх камера Дьокуускай куорат эргин уонна Үөһээ Бүлүү улууһугар – үстүү камера, Бүлүү уонна Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар, Таатта улуустарыгар – иккилии, атын улуустарга ойуурга тураллар.

Баһаар туохтан тахсарый?

Саха сиригэр баһаар сезона ыам ыйыттан саҕаланан барар. Бу кэмҥэ дьон-сэргэ уһун тымныы кыһыны быһа дьиэтигэр бүгэн олорон баран, айылҕалыын алтыһа тыаҕа, салгыҥҥа тахсар, онон үгүстүк киһи дьалаҕай сыһыаныттан уот турар диэн быһаараллар.

Отчуоттан көстөрүнэн ба­­һаар тахсыыта бэс ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри эл­­биир. Онуоха киһи буруйуттан эрэ буолбакка, күн-дьыл туруга, үгүстүк кураанах этиҥтэн эмиэ баһаар турара элбэх.

Быйыл холобур, бэс, от, атыр­дьах ыйдарыгар сиринэн сылдьан кэтээн көрүү зонатыгар 22, салгын аалынан кэтээн көрүү зонатыгар 166 баһаар тахсыбытын булан умуруорбуттар. Бу үс ый иһигэр киһи дьалаҕайыттан 17 баһаар тахсыбыта биллибит. Кэнники сылларга кураанах этиҥ түһэн улахан баһаардары таһаарара да элбээтэ. Ааһан эрэр сыл үс ыйын дааннайыттан көрдөххө, сезоҥҥа 168 баһаар, маннык этиҥнээх ардахтан эбэтэр кураанах этиҥтэн тахсыбыт эбит.

Хас ойуур баһаара таҕыстаҕын аайы элбэх киһи, тиэхиньикэ үлэлиир. Баһаар сезона саҕаланна даҕаны «Якутлесресурс» тэрилтэ, Ыксаллаах быһыы-майгы минис­тиэристибэтин сулууспалара, уоту кытары охсуһар мобильнай биригээдэлэр утуйар ууларын умнаннар, ойуур баһаар­дара нэһилиэнньэ олоҕор, социальнай эбийиэктэргэ кутталы үөскэппэттэрин туһугар сыраларын ууран үлэлииллэр.

Быйыл баһаардар Алдан, Амма, Үөһээ Халыма, Өймөкөөн, Мииринэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Сунтаар, Уус Маайа, Томпо, Ньурба, Уус Алдан, Чурапчы улуустарыгар тахсыталыы сырыттылар.

Балаҕан ыйыгар баһаар ахсаана аҕыйыыр. Быйыл ол курдук сиринэн уонна салгынынан хонтуруол зонатыгар 11 баһаар тахсыбыта бэлиэтэммитэ. Этиҥнээх ардахтан аҕыс уонна олох­тоох нэһилиэнньэ буруйунан үс баһаар тахсыбыт.

Биэс сыл көрдөрүүтэ

2019 сылтан 2022 сылга диэри тэҥнээн көрдөххө, 2019 с. – 1865 (4 239 799,30 га), 2020 с. – 2061 (6 349 996,45 га), 2021 с. – 1695 (8 805 982,30 га), 2022 с. – 563 (592 206,71 га), 2023 с. – 879 (1425,05 тыһ. га) ойуур баһаара тахсыбыта бэлиэтэммит.

Кэнники сылларга ойуур улахан баһаар­дарын кэнниттэн «Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2020 с. – 25, 2021 с. – 57, 2022 с. – 5, 2023 с. – 4 тиэхиньикэ атыылаһыллыбыта.

Баһаары утары охсуһууга күүһү уонна кыаҕы бөҕөргөтүү, киһи ахсаанын элбэтии уонна тиэхиньикэни атыылаһыы көдьүүстээҕэ көһүннэ. Онон баһаары утары сезоҥҥа кэнники сылларга ойуурга уот туруутун итиэннэ салаан ааһар иэнин хас да төгүл кыччаттылар.

2024 сылга – былаан үгүс

Кэлэр сылга баһаар сезонугар бэлэмнэнии үлэтэ-хамнаһа торумнанан, дьаһал тахсан  үлэ салҕанар. Ханнык баҕарар ыксаллаах быһыы-майгы тахсыан сөптөөх хайысхаҕа сэрэтии үлэтэ эрдэттэн ыытыллара көдьүүстээх буолар. Ол курдук, нэһилиэнньэ ортотугар сэрэтэр үлэни ыытыыны элбэтии, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын кытары бииргэ үлэлээһиҥҥэ эмиэ үлэ барара былаанннар.

Ааһан эрэр сезон биир кыһалҕатынан сиринэн кэтээн көрүүгэ ыраах сытар, суола-ииһэ суох сиргэ анал тиэхиньикэ суоҕа атахтаабыта. Маннык тиэхиньикэни баһаары утары охсуһарга туттуллар инвентардары уонна оборудованиены уустук суоллаах-иистээх сирдэргэ тиэрдэргэ туһаналлар.

Кэлэр сылга туһаныллар күүс-күдэх ахсаана, ол аата тиэхиньикэ, оборудование ахсаана ааҕыллан турар. 2024 с. өрөспүүбүлүкэ «Ойуур хаһаайыстыбата»  тэрилтэҕэ ойуур баһаарын умуруоруу түмүллүбүт былаана оҥоһуллар. Ойуур баһаарын утары үлэлиир тиэхиньикэлэр автопааркааларыгар 2024 с. олунньу-кулун тутар ыйдарга уочараттаах техническэй бэрэбиэркэни ыытыы былааннанар. Аны тохсунньу ыйтан тэрилтэ үлэһиттэрэ анал үөрэхтэри барыахтара. ба

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

3 часа ago