Ааспыт ый бүтүүтэ РФ айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлов уонна Ойуур хаһаайыстыбатын федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччыта Иван Советников Саха сирэ баһаар турар кэмигэр төһө бэлэмин көрөн-истэн, сыаналаан бардылар. Өрөспүүбүлүкэ быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны баһаар сезонугар бэлэм буолуу пааспарын эрдэ ылла.
Ол туһунан уонна үлэ-хамнас туһунан «Якутлесресурс» судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ ойуур хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта Вячеслав Собакины кытары кэпсэттибит.
– Эһиги тэрилтэҕит ойуур хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, ойуурдаах сири баһаартан харыстыыр аналлаах, сиһилии кэпсээ эрэ.
– Биһиги тэрилтэбит 2017 сыллаахтан тэриллэн үлэлиир. Барыта 22 филиаллаахпыт, олор истэригэр 43 ойуур баһаарын ыстаансыйата баар. Улахан оройуоннарга хастыы даҕаны, холобур, Өлүөхүмэҕэ 4, Алдаҥҥа 3 итинник ыстаансыйалаахпыт. Биһиги тэрилтэбит ойуур баһаарын умуруоруунан эрэ дьарыктаммат, ону таһынан судаарыстыбаннай сорудаҕынан, ойуур хаһаайыстыбатын үлэлэрин эмиэ оҥорор. Ол курдук, баһаары тохтотор лииньийэлэри, балаһалары, хонтуруолланар өртөөһүнү, онтон да атын, барыта 21 тэрээһини ыытабыт.
– Икки сыллааҕыта ойуур улахан баһаара тахсан ыксата сылдьыбыта, быйыл онно бэлэмнэнии хайдах барарый?
– Бары билэргит курдук, 2021 сыллаахха, чугастааҕы кэмҥэ, хаһан даҕаны буолбатах ойуур баһаара тура сылдьыбыта. Ыксаллаах быһыы-майгы тахсан уот бохсор күүстээх үлэ барбыта. Онон былырыыҥҥыттан сөптөөх дьаһаныы, эрдэттэн бэлэмнэнии үлэтэ баран, баһаар тахсыытын хас эмэ төгүл кыччаттыбыт. 2022 сылга Саха сиригэр хонтуруоллуур сир улааппытынан уонна баһаар уустук балаһыанньатынан, кэккэ боппуруостар турбуттара, чуолаан, тиэхиньикэ, киһи тиийбэтэ быһаарыллыбыта.
2023 сыллааҕы баһаар сезонугар бэлэмнэниигэ федеральнай бүддьүөттэн 150 мөл. солк., өрөспүүбүлүкэттэн 77 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Ити баһаарга туттуллар оборудованиены, инвентары ылыыга, үөрэхтээһини ыытыыга, страховкалааһыҥҥа, байыастары бэлэмнээһиҥҥэ, таҥаһынан-сабынан, аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга, о.д.а көрүҥнэргэ туһаныллар. Быйылгы сезоҥҥа хаһааҥҥытааҕар даҕаны үчүгэй бэлэмнээхпит диэххэ сөп, саҥа тиэхиньикэлэринэн даҕаны хааччылынныбыт, дьоммут даҕаны эбилиннэ. Москваттан федеральнай салалта кэлэн икки нэдиэлэни быһа бэрэбиэркэлээн барда. Филиалларбытыгар сылдьан эмиэ көрдүлэр-иһиттилэр. Ол түмүгүнэн биһиги сөптөөх бэлэмнээхпит диэн буолла. Уонна бу сааскыттан филиалларбытыгар итиэннэ, Дьокуускайга Үс Хатыҥҥа үстэ бэлэмнэнии үөрэҕин ыыттыбыт. Филиалларбытыгар эмиэ олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын, ИДьМ, ЫБММ, атын даҕаны суһал бөлөххө киирэр тэрилтэлэри кытары бииргэ ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэмнэнии үөрэхтэрэ ыытыллаллар. Бары үлэлэр бигэргэниллибит кэлим былаан быһыытынан бараллар.
– Баһаары утары үлэҕэ көдьүүстээх туох саҥа киирдэ?
– Урукку сыллары кытары тэҥнээтэххэ, быйылгы дьылга баһаарга туттуллар улахан уйуктаах бульдозердар, онтон да атын ыарахан тиэхиньикэлэр кэллилэр. Олор дэриэбинэ аттыгар үлэлииргэ олус туһалаах буолуохтара. Итини таһынан квадрокоптер, көтөр аппараат ылбыппыт. Онтубутунан уот төһө иэннээх сири ылбытын, баһаар хайа диэки баран иһэрин, ханна уу-хаар баарын, уоту ханна хаайан тохтотуохха сөбүн быһаарарга олус наадалаах тэрил. Балаһыанньаны суһаллык быһаарарга, төһө киһини ханан ыытары чопчулуурга көмө буолуо. Дьоммут ахсаана – былырыын эбиллэммит 564 буолбута. Быйыл 84 сезоннай үлэһити биэрэннэр, уопсайа 648 баһаарынай үлэһит буолла. Бэрэбиэркэни 256 тиэхиньикэ ааста.
– Айылҕа ресурсаларын уонна экология миниистирин кытары Рослесресурс салайааччыта кэлэн барда, үлэҕитин хайдах сыаналаата?
– Эппитим курдук, быйыл саас улахан бэрэбиэркэни аастыбыт. Ол түмүгүнэн, ааспыт ый бүтүүтэ РФ айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлов уонна Рослесхоз салайааччыта Иван Советников кэлэ сырыттылар. Үс Хатыҥҥа өрөспүүбүлүкэ ыксаллаах быһыыга-майгыга суһал бөлөҕүн баһаар сезонугар бэлэмин көрдүлэр. Лесресурс, авиабаза, баһаарынай сулууспа, быыһыыр сулууспа, Роспотребнадзор, өрөспүүбүлүкэ ыксаллаах быһыыга-майгыга суһал бөлөҕүн салайааччылара, о.д.а. кытыннылар.
Арассыыйа үрдүкү салалтата ааспыт сыллардааҕы баһаардары кытары тэҥнээн, бэлэмнэнии үлэтин үрдүктүк сыаналаатылар. Саха сиригэр ааспыт сылга тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар уонна атын сирдэргэ баһаар туруутун аҕыйааһынын төрүөтүнэн, эрэгийиэн салайааччыта улуус баһылыктарын кытта ыкса ситимнээх үлэтин түмүгэ диэн сыаналаатылар.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…