Ойуур баһаарын умуруорууга түмсүү улаханы быһаарар

Ойуур баһаарын умуруорууга түмсүү улаханы быһаарар

10.08.2023, 14:32
Хаартыска: Николай Харбин инстаграмыттан.
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлкэтээҕи суһал ыстаап иһитиннэрэринэн, Алдан, Үөһээ Халыма, Кэбээйи, Муома, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Уус Маайа, Чурапчы улуустарыгар 208,4 тыһ. гектар иэннээх 57 баһаары умуруораллар. Олортон биир балачча улаханнарынан Өлүөхүмэ улууһунааҕы уот буолар.

Аҕыйах хонуктааҕыта Заречнай бөһүөлэгин аттыгар турбут уоту видеоҕа устан ыыппыттара социальнай ситимнэринэн киэҥник тарҕаммыта. Быйыл сайын, күн бүгүҥҥэ диэри тустаах улууска кураан күннэр тураллар. Эбиитин аҕыйах күнтэн бэттэх буруо бүрүйэ көттө.

“Өлүөхүмэ улууһугар байыастар уонна баҕалаахтар түүнү-күнү аахсыбакка ойуур баһаарын кытта охсуһаллар. Ил Дархан Айсен Николаев салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап өйөбүлүнэн, быһаарыытынан күн бүгүн 570 киһи уоту умуруорууга сылдьар. Бөртөлүөттэр уонна ыарахан тиэхиньикэлэр үлэлииллэр. Бу —Амур, Бурятия, Тыва, Иркутскай уонна Красноярскай “Авиалесоохрана” парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспаларын үлэһиттэрэ буолаллар. Ону тэҥэ, Дьааҥыттан, Горнайтан, Сунтаартан, Ньурбаттан, Тааттаттан, Ленскэйтэн уонна Кэбээйиттэн “Авиалесоохрана” салаатын үлэһиттэрэ командировкаҕа кэлбиттэр. Арассыыйатааҕы ЫБММ уонна “Якутлесресурс” үлэһиттэрэ туруулаһаллар.

Биир дойдулаахтарбын – Өлүөхүмэ улууһун олохтоохторун бэлиэтээбэтим, махталбын тириэрдибэтим хайдах даҕаны табыллыбат. Уопсастыбаннай ыҥырыы тахсыаҕыттан олохтоох нэһилиэнньэ эрэ буолбакка, баҕа өттүнэн кыттааччылар нэһилиэк баһылыктарын кытта хас даҕаны ойуур баһаарын умуруордулар. Бу биһиги түмсүүлээхпитин туоһулуур”, — диэн бүгүн Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин тус инстаграмыгар махталын биллэрэн суруйар. Итиэннэ бөлүүн түүн Куду Күөл сэлиэнньэтин аттыгар баар баһаар умуорурулунна диэн иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 октября
  • -8°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: