Миниистир Владимир Колокольцев ИДьМ СӨ Уус Маайатааҕы отделын полициятын үлэһитин, прапорщик Айдар Борисовы “За смелость во имя спасения” диэн биэдэмистибэннэй мэтээлинэн наҕараадалаата. Бу туһунан ИДьМ бэрэстэбиитэлэ Ирина Волк телеграм ханаалыгар суруйда.
Айдар Борисов умайа турар дьиэттэн икки киһини быыһаабыт.
Ол курдук, Борисовка биир долгуйбут дьахтар сүүрэн кэлэн, Пушкин аатынан уулуссаҕа баар түөрт кыбартыыралаах мас дьиэттэн буруо тахсарын туһунан тыллаабыт. Полиция үлэһитэ тута дьуһуурунайга биллэрбит уонна ыйыллыбыт аадырыска барбыт.
Быһылаан буолбут сиригэр тиийэн, Айдар Борисов биир кыбартыыраҕа икки киһи баарын туһунан олохтоох киһиттэн билбит. Кыбартыыраҕа киирэн дьахтардаах эр киһини быыһаабыт.
Бу күннэргэ Нам улууһун Партизан нэһилиэгин “Кустук” уһуйааныгар Байанай ыйыгар анаммыт тэрээһини ыыттылар. Бу туһунан…
Сэтинньи 21 күнүгэр РНА СС Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын проблемаларыгар институкка…
"Сахатранснефтегаз" тэрилтэ килийиэннэрэ ыйы быһа саайтка баар тус кэбиниэттэригэр уонна мобильнай сыһыарыыга кыайан киирбэт буола…
Үөһээ Бүлүү улууһун судаарыстыбаннай экологическай кэтээн көрүү иниспиэксийэтэ ЫБММ ГИМС иниспиэктэрдэрин кытары бииргэ «Куттала суох…
Бүгүн эһиэхэ халлаан хайдаҕый? Былыттаах дуу, күннээх дуу? Бүгүҥҥү күнүнэн ахсынньы 19 күнүгэр диэри турар…
Бэҕэһээ, сэтинньи 20 күнүгэр, Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр саҥа арыы сыаҕа арыллар үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.…