Салгыы
Баһаартан эмсэҕэлээбит Моякуновтар дьиэлэрин ыам ыйыгар тутан саҕалыахтара

Баһаартан эмсэҕэлээбит Моякуновтар дьиэлэрин ыам ыйыгар тутан саҕалыахтара

06.03.2023, 14:26
Бөлөххө киир:

«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа уокка дьиэлэрин былдьаппыт, Моякуновтар дьиэлэрин тутуутун ыам ыйыгар саҕалыахтара. Ол туһунан «Биир ньыгыл Арассыыйа»  эрэгийиэннээҕи исполкомун салайааччыта  Руслан Платонов Мархаҕа Моякуновтар дьиэ кэргэттэрин кытары көрсөрүгэр эттэ. 

Санатар буоллахха, билигин дьиэ кэргэн аҕа баһылыга байыаннай дьайыыга сылдьар. Кини кэргэнэ уонна икки оҕото биир түүн иһигэр, дьиэлэрин баһаарга былдьатан, бэйэлэрэ эрэ туран хаалбыттара. дьиэ кэргэн үбэ-харчыта, докумуона, сылаас таҥаһа суох хаалбыта. «Биир ньыгыл Арассыыйа»  баартыйа көҕүлээн, үп-харчы, таҥаас-сап хомуйбута. Үтүө санаалаах биир дойдулаахтарын көмөлөрүнэн 700 тыһ. солк. хомуллубута, докумуоннара чөлүгэр түһэриллибитэ.

Сотору, былаан быһыытынан, умайбыт дьиэ олоҕо ыраастаныа, бырайыага бигэргэннэҕинэ, дьиэ тутуута ыам ыйыттан саҕаланыа. Итини таһынан, норуот дьокутаата Павел Петров сорудаҕынан, Моякуновтар кыра кыргыттара сайыҥҥы лааҕырга сынньаныахтара.

«Байыаннай дьайыыга мобилизованнайдар уонна баҕа өттүнэн сылдьааччылар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥорууну «Биир ньыгыл Арассыыйа» бастакы уочаракка тутар. Биһиги биир дойдулаахпыт, Аҕа дойдуну көмүскээччибит дьиэ кэргэнигэр саҥа дьиэни тутарга көмөҕө кыттыспыт дьоҥҥо махтанабыт», – диэн «Биир ньыгыл Арассыыйа»  эрэгийиэннээҕи исполкомун салайааччыта  Руслан Платонов эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 сентября
  • 3°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 87% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: