Нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттала суох буолууну хааччыйар Судаарыстыбыаннай кэмитиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, буруо таҕыстаҕына баһаартан сэрэтэр АДПИ тэрили туруортарар быдан ордук.
«Дьиэҕэ-уокка баһаартан сэрэтэр үлэни тэрийэр аналлаах тэрээһиннэргэ кыттарга сүбэлиибит. Баһаары сэрэтэн АДПИ тэрили дьиэҕэр туруор!» — диэн сүбэлииллэллэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, баһаары сэрэтэр социальнай аахсыйа ааспыт сылтан саҕаламмыта.
Бу сыл «22 сылга 22 бастыҥ көҕүлээһин” диэн бырайыак чэрчитинэн Саха АССР 100 сыллаах, Госкомобеспечение 10 cыллаах, Баһаарынай манабыл 205 cыллаах үбүлүөйдэрин көрсө ыытыллыаҕа.
АДПИ – автономнай баһаары сэрэтэр тэрил кыра да буруо сытыгар улахан тыас таһааран дьону сэрэтэр. Оннооҕор түүн ортото тыаһаан дьону уһугуннаран иэдээн тахсарыттан сэрэтэр аналлаах. Хас биирдии ыал дьиэтигэр маннык тэрил баар буолуохтаах. Аахсыйа туһунан сиһилии нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттала суох буолууну хааччыйар Судаарыстыбаннай кэмитиэт саайтыгар ааҕыахха сөп.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…