Салгыы
Баһаартан сэрэхтээх буол — АДПИ тэрили туруортар!

Баһаартан сэрэхтээх буол — АДПИ тэрили туруортар!

Ааптар:
15.09.2022, 12:11
Бөлөххө киир:

Нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттала суох буолууну хааччыйар Судаарыстыбыаннай кэмитиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, буруо таҕыстаҕына баһаартан сэрэтэр АДПИ тэрили туруортарар быдан ордук.

«Дьиэҕэ-уокка баһаартан сэрэтэр үлэни тэрийэр  аналлаах тэрээһиннэргэ кыттарга сүбэлиибит.  Баһаары сэрэтэн АДПИ тэрили дьиэҕэр туруор!» — диэн  сүбэлииллэллэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, баһаары сэрэтэр социальнай аахсыйа ааспыт сыл саҕаламмыта. Манна 750 киһи кыттыыны ылбыта. Бырайыак өҥөтүнэн Саха сирин үрдүнэн 1850 АДПИ элбэх оҕолоох ыал дьиэтигэр, соҕотох олорор кырдьаҕастарга уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэригэр турда.
Бу сыл «22 сылга 22 бастыҥ көҕүлээһин” диэн бырайыак чэрчитинэн Саха АССР 100 сыллаах, Госкомобеспечение 10 cыллаах, Баһаарынай манабыл 205 cыллаах үбүлүөйдэрин көрсө ыытыллыаҕа.
АДПИ – автономнай баһаары сэрэтэр тэрил кыра да буруо сытыгар улахан тыас таһааран дьону сэрэтэр. Оннооҕор түүн ортото тыаһаан дьону уһугуннаран иэдээн тахсарыттан сэрэтэр аналлаах. Хас биирдии ыал дьиэтигэр маннык тэрил баар буолуохтаах. Аахсыйа туһунан сиһилии нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттала суох буолууну хааччыйар Судаарыстыбаннай кэмитиэт саайтыгар ааҕыахха сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: