Баһаартан сэрэтэр тэрили босхо туруораллар

Share

Дьокуускайга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ баһаартан сэрэтэр тэрили (АДПИ) босхо туруоран биэрэллэр. 

Хаартыска: куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата

2024 сыл атырдьах ыйын 12 күнүттэн Дьокуускайга «Приоритет» диэн тэрилтэ бэдэрээттэһэн, баһаартан сэрэтэр тэриллэри элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр кыбартыыраларыгар, дьиэлэригэр туруортуур. Маны тэҥэ, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэргэ эмиэ босхо туруорар.

Сэтинньи 8 күнүгэр диэри «Прилритет» тэрилтэ 753 дьиэ кэргэҥҥэ барыта 2800 тэрили туруорда диэн Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Маннык баһаартан сэрэтэр тэрили туруортарарга Дьокуускай куорат, эбэтэр, куорат таһынааҕы бөһүөлэк дьаһалтатыгар баран, сайабылыанньа суруйуохха наада.

Баһаартан сэрэтэр тэрил (АДПИ) хойуу буруо таҕыстаҕына, улаханнык тыаһыыр, онон утуйа да сытар киһини уһугуннарар кыахтаах. Бу тэрил көмөтүнэн дьиэни баһаартан быыһаабыт түгэннэрэ элбэх. Онон кыах баарынан босхо, эбэтэр, бэйэҕит харчы төлөөн да туруортарыҥ. Сыаната да удамыр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах». Кимнээх кыайдылар?

 Соторутааҕыта ыытыллыбыт  «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах»  норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…

1 минута ago
  • Оҕо саас сыла
  • Чэгиэн

10 тыһ. кэриҥэ кыһыл оҕоҕо нэһилиэстибэнэн бэриллэр ыарыы баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр

Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбит дьиэлээх ыалларга хоромньуларын төлүүргэ миллиард кэриҥин биэриэхтэрэ

Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…

25 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. Алдаҥҥа торҕоннообут эһэ булчуту эчэппит, ыты сиэбит

Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ытык Сайсары күөл статуһа уларыйда

Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат  күөлэ судаарыстыбаттан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Субсидияҕа тоҕо аккаастыылларый?

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…

1 час ago