Баһаары эрдэттэн биллэрэр тэрил баар буолан

Share

Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ баһаары эрдэттэн биллэрэр тэрил (АДПИ) тыаһаабыт. Туруоруллубут тэрил (АДПИ) тута үлэлээн, олохтоохтор баһаарынай чааска сонно төлөпүөннээбиттэр.

«Бу дьиэҕэ биир кыбартыыра хаһаайына электрическэй билиитэни холбоон баран, онно астаах иһитин уурбут уонна туох да буолуо суоҕа диэн эрэллээх, аанын хатаан,  чугастааҕы маҕаһыыҥҥа ас-үөл ыла тахсыбыт. Ас уокка сиэниллэн хаахтыйарын кытта,  баһаары биллэрэр тэрил үлэлээбит. Сэргэх, болҕомтолоох ыал прибор тыаһыырын истээт, тута бөһүөлэккэ баар ПЧ-2 (баһаарынай чаас) сонно төлөпүөннээбиттэр. Көрбүт киһи кэпсээбитинэн, элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ ыалларыгар баһаары биллэрэр тэрил үлэлээбит, хаһаайын суох, дьиэ таһыттан хатааһыннаах эбит», — диэн Саха сирин баһаары утары сулууспатыттан иһитиннэрдилэр.
Дьуһуурунай этиллибит аадырыска түргэнник тиийбит. Баһаарынайдар содул тахсыан сөбүн тута туораппыттар. Уоту утары охсуһаачылар баһаартан сэрэхтээх буолууга дьиэ олохтоохторугар сэрэтэр үлэни өссө төгүл хатылаан ыыппыттар.
Бэлиэтээн эттэххэ, баһаары биллэрэр тэрил (АДПИ) ПЧ-2 начаалынньыгын солбуйааччы Владимир Прокопьев  дьаһалынан «Предупреди пожар – установи АДПИ!» диэн социальнай аахсыйа иитинэн  туруоруллубут.  ГПС бэлиэтээбиттэринэн, маннык тэрил, уопсайынан, баһаары эрдэттэн биллэрбитэ бу эрэ буолбатах.
Санатар буоллахха, «Предупреди пожар – установи АДПИ!» социальнай аахсыйа СӨ нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт көҕүлээһининэн 2021 сылтан ыытыллар. Бу аахсыйа иитинэн Саха сиригэр 5 тыһыынчаттан тахса баһаары эрдэттэн биллэрэр тэрил туруоруллубут, онно 5,6 тыһ. ыал хабыллыбыт.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Маны аах
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Бээтинсэ, 13-һэ»: Туох суолталааҕый?

Бүгүн бээтинсэ, ахсынньы 13 күнэ. Христианнар бу күнү туох да табыллыбат, дьоло суох күнүнэн ааҕаллар.…

15 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Покровскайга икки эр киһи быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирдилэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр  8 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар. Покровскай…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Ньурба улууһугар Саха сирин норуоттарын  IX Спортивнай оонньууларын көрсө саҥа эбийиэктэр тутуллуохтара

Спортивнай күрэхтэһии түмүктүүр чааһа 2027 сыл от ыйын 7-11 күннэригэр Ньурбаҕа буолуоҕа. Ньурба улууһугар 2027…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыыннаах харыйалар атыыга тахсыахтара

Тыыннаах харыйалар атыыга хаһан тахсыахтарай?  Ахсынньы 14  күнүттэн киин куорат "Якутлесресурс" баазатыгар, Кеша Алексеев аатынан…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Култуура
  • Сонуннар

Инники кирбиини сырдатар бэстибээл

Бу күннэргэ Дьокуускайга “Кино на службе Отечеству” норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар бэстибээл ыытылла турар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр пуорум кыайыылаахтарын аата билиннэ

Ахсынньы 11-12 күннэригэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар “Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр XVIII пуорумнара буолан…

2 часа ago