Баһаары умуруорууга 900-тэн тахса киһи үлэлиир

Share

Саха сиригэр баһаары умуруорууга 923 киһи, 37 тиэхиньикэ, салгын аала үлэлииллэр. Бу туһунан СӨ Экологияҕа миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Уоту утары охсуһааччылар суукка устатыгар 6 306,5 га иэннээх сири хаппыт 14 ойуур баһаарын умуруордулар. Түөрт баһаар Уус Маайаҕа, иккилии ойуур баһаара Аммаҕа, Алдаҥҥа, Үөһээ Халымаҕа, Өймөкөөҥҥө, биирдии — Нерюнгрига, Өлүөхүмэҕэ умуруорулунна.

Авиациянан уонна космостан кэтээн көрүүнэн 3 838,1 га иэннээх сиргэ 37 ойуур баһаара булуллубут. Ойуур баһаардара ордук этиҥнээх ардахтар түһэр сирдэригэр бааллара бэлиэтэнэр.

Суукка саҕаланыытыгар 163 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 198 021,1 га) баара бэлиэтэнэр. Итинтэн 10 ойуур баһаара (уот хаппыт уопсай иэнэ 3 621 га) бохсуллубут. Ол иһигэр 3 — Амма оройуонугар, иккилии – Үөһээ Халымаҕа уонна Уус Маайаҕа, биирдии – Бүлүүгэ, Нерюнгрига, Өймөкөөҥҥө. Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа, экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһаабат.

Маны таһынан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри икки ландшафтнай баһаар (иэнэ 3208 га) Өймөкөөн уонна Булуҥ оройуоннарыгар бэлиэтэнэр.

Суһал ыстаап чахчытынан, сезон саҕаланыаҕыттан 304 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 228 тыс га) бэлиэтэммит. Ааспыт сылга бу кэмҥэ 315 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 141 217,31 га) баара ыйыллан турар. 2021 сыллаахха — 897 ойуур баһаара (иэнэ 1 088 130,07 га) уонна 14 ойуур баһаара ураты харыстанар сирдэргэ (иэнэ 17 362 га) бэлиэтэммиттэрэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабьыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олорор дьиэлэри 100% ититии ситимигэр холбоотулар

Дьокуускайга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ сылааһы биэрии 100% хааччылынна. Бу туһунан Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Владислав…

8 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Чурапчыга Иван Лебедев “История на холсте” диэн быыстапката аһылынна

Хоту көһөрүллүү күнүн бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн, Чурапчыга “Айылгы” НАДь фойетыгар  Саха сиригэр соҕотох баталист-худуоһунньук Иван…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сайсары күөлгэ эр киһи тимирбит

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр  21.15 ч. Дьокуускай куоракка Сайсары күөлгэ   2000…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Амма сэлиэнньэтигэр таба киирэн соһутта

Амма сэлиэнньэтигэр Мир уулуссаҕа таба киирэн олохтоохтору соһутта. Туһааннаах видео бу күннэргэ социальнай ситиминэн тарҕанна.

1 час ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Путь воина»: Бэҕэһээҥҥи күн түмүгүнэн «Соболь» хамаанда кыайыыны ситистэ

"Путь воина" байыаннай-тактическай күрэхтэһиигэ бэҕэһээ Волгоградскай уобалас «Сталинград» уонна Тюменьскай уобалас «Соболь» хамаандалара күөн көрүстүлэр.…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Нуоралдьыма чараҥар, көссүү оҕолоро уонна 450-с юкагир…

«Чолбон» сурунаал балаҕан ыйынааҕы нүөмэригэр: - «Улуу Кыайыы айымньыларыгар» норуот суруйааччыта Николай Лугинов номоххо киирбит…

2 часа ago