Баһаарынай чаас үлэһиттэрэ «Аһаҕас аан күнүн» ыыталлар
Бу күннэргэ Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа Аллайыаха улууһунааҕы 1 №-дээх баһаарынай чааһыгар уонна Үөһээ Бүлүү улууһунааҕы 12 №-дээх баһаарынай чааска «Аһаҕас аан күнүн» ыытылыннылар.
Тэрээһин Саха сиригэр оҕо сылынан уонна СӨ Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспата төрүттэммитэ 15 сылыгар ананна диэн СӨ баһаарынай сулууспата иһитннэрэр.
Нэдиэлэ устата үөрэх тэрилтэлэрин үөрэнээччилэрэ уонна иитиллээччилэрэ баһаарынай чаастарга сырыттылар. Уоту утары охсуһааччылар оҕолорго баһаартан кутал суох буолуутун быраабылатын санаттылар, баһаарынай үлэти-хамнаһын туһунан кэпсээтилэр, баһаарынай таҥаһын, туттар сэбиргэлин уонна тиэхиньикэтин көрдөрдүлэр.
Баһаарынай надзор үлэтин-хамнаһын, баһаартан куттал суох буолуутун быраабылаларын кэһии иһин административнай накаастабыл туһунан кэпсэттилэр. Көрсүһүү түмүгэр былыргы, дьиэҕэ-уокка туттуллар тэриллэри уонна баһаартан харыстанар тэриллэр кэллиэксиэйлэрин көрдөрдүлэр.
Маннык экскурсиялар сүрүн сыалларынан – баһаарынай идэтигэр интэриэһи тардыы, бу идэ туһунан үтүө өйдөбүлү биэрии буолар. Хас биирдии ыалдьыкка Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа аатыттан баһаартан сэрэхтээх буолуу былакааттарын, листовкалары уонна минньигэс астары бэлэхтээтилэр. Оҕолор тэрээһини олус биһирээтилэр уонна баһаарынай идэтин улаханнык интэриэһиргээтилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: