Баһылыгы норуот кыраҕы хараҕынан талар

Баһылыгы норуот кыраҕы хараҕынан талар

Ааптар:
08.09.2022, 14:00
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр киэҥник биллэр уонна биһирэнэр “Тобуруокап көмүс күһүнэ” VII өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон көҥүл түһүлгэтэ балаҕан ыйын 3-4 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр бэрт көхтөөхтүк ыытылынна. Саха сирин норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан ыытыллар түһүлгэҕэ Нам сэлиэнньэтин баһылыга Александр Кардашевскай икки күнү быһа быһаччы кыттыспытын, дьонун-сэргэтин кытары үөрүүнү үллэстибитин сэргии уонна махтана көрдүм.

edersaas.ru

Онон, быыс булан Александр Иннокентьевиһы кытары нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын, чуолаан тыа хаһаайыстыбатын туругун, оттооһун хаамыытын, бүгүҥҥү күннээҕи кыһалҕалары кэпсэттибит.

«Дьоллоох киһи тыа сиригэр олорор»

— Нэһилиэк баһылыгын быһыытынан эрэ буолбакка, тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрбит, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин дириэктэринэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр үлэлии сылдьыбыккынан даҕаны, тыа хаһаайыстыбатыгар баар кыһалҕаларга туох санаалардааххыный?
-Дойдубутун билиһиннэрииттэн саҕалаатахха, биһиги нэһилиэкпитигэр балтараа тыһыынчаны кыайбат киһи олорор. Оскуолабытыгар 200-тэн тахса оҕо үөрэнэр.
Тыа сирин нэһилиэгин быһыытынан хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх курдук баайдаахпыт: 800 төбө ынах сүөһүнү, 500-чэ сылгыны иитэбит. Ынах-сүөһү ахсаана биир таһымҥа турар буоллаҕына, сылгыбыт ахсаана кыралаан эбиллэр. Дьиҥэр, ынах-сүөһүнү да, сылгыны да иитэргэ усулуобуйа суох буолбатах. Ол эрээри, өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар да бэлиэтэнэрин курдук, ыччат өттө тыа хаһаайыстыбатыгар сыстан үлэлиэн, хаһаайыстыба тутуон соччо баҕарбат.
Урут “Нам” диэн хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыбалаах этибит, онно 2012 сылга диэри мененджердии сылдьыбытым. Төһө кыайарбытынан, атаҕар туруора сатаабыппыт. Сүөһү төбөтө арыый эбиллибитэ, оҥорон таһаарар бородууксуйабытын үрдэппиппит, күрүө-хаһаа туппуппут. Уурайбытым кэннэ, оччотооҕу СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыытар бэлиитикэтинэн, уопсастыба лиизиҥҥэ 200 төбө калмык боруоданы ылбыта, ону кэлин төлөһүөххэ наада этэ, балаһыанньа мөлтөөн барбыта. Лизинг нөҥүө ылбыт сүөһүлэрин төлөбүрүн кыайан төлөөбөккө, тэрилтэ эстибитэ. Биир сыыһа дьаһаныыттан тэрилтэ эстэр, дьон үлэтэ суох хаалар, сүөһү төбөтө сарбыллар. Ол кэннэ хаста да уларытан, билигин “Уйгу” диэн тэрээһиннээх хаһаайыстыба буолан син үлэлии олороллор. Бэйэм бу тэрээһиннээх хаһаайыстыбаны хаалларар, үлэлэтэр баҕалаахпын да, балаһыанньа билиҥҥитэ уустук соҕус, урукку эстибит тэрилтэ иэстэрин төлөттөрө сатыыллар.
Нам нэһилиэгэ улууска саамай кыра сирдээх-уоттаах, оттуур ходуһабыт аҕыйах. Быйыл күммүт-дьылбыт от ыйыгар син туран биэрбитэ. Ону «өбүгэлэрбит от ыйын 14-тэн эрэ окко киирэллэр» диэн өйдөбүлү тутуһан, хойутааһын тахсар. Өрүс арыыларыгар от хойутаан ситэр буолан, син наҕылыйыахха сөбө буолуо да, онтон тыа алаастарыгар от ыйын 7-8 күннэриттэн оттуохха сөп этэ. Ол гынан, эрдэ оттообут дьоммут оттоннулар. Биир эмэ киһи кыстыыр ото суоҕа буолуо гынан баран, урукку сылларга курдук, хаар түһүөр диэри оттуохтарын сөп. Билигин да кыралаан оттуу сылдьаллар. Өрүс уҥуор баар ходуһаларбытыттан 50-чэ га сир ууга барда. Өрүс арыыта да суох, үрэх бастарыгар оттуур нэһилиэктэр сирдэрэ эмиэ ууга былдьанна. Өрөспүүбүлүкэ салалтата эмиэ бу кыһалҕаны билэн олорор.
Билигин хотуурунан охсон ырааппаккын, аныгы технологиялар киирэннэр, үлэ хаамыыта түргэтиир. Ол гынан баран, 3 ыйы быһа үрэх баһыгар баран оттоо диэтэххэ, ким да барыа суоҕа. Дьон күрүөнү да тутарын ыарырҕатар буолла. Урут киһи бары күрүө-хаһаа туттара. Дьиҥинэн, саха киһитин курдук туруу үлэһит, дьулуурдаах-тулуурдаах омук суох. Онон, баар кыахпытын муҥутаан туһана, өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһа сатыахтаахпыт.
Уопсайынан, дьон өйө-санаата, сүөһү иитиитигэр сыһыана биллэ уларыйда. Олохпут тубуста быһыылаах. Билигин судаарыстыба өттүттэн өйөбүл суох буолла да, кыстыгы туоруур оппутун булумматыбыт диэн сүөһүлэрин эһэн кэбиһиэхтэрин сөп. Урут сэбиэскэй былаас саҕана, холобур, хаар түһүөр диэри оттоон, кэтэх да сүөһүлэрин иитэр буолаллара. Мин тэриллиилээх хаһаайыстыбалары, бааһынайдары, кэтэх хаһаайыстыбалары тэҥинэн өйүөххэ наада дии саныыбын.
Кумааҕы, докумуон толоруута наһаа уустугурбутуттан (бюрократия), нэһилиэнньэ үүтүн туттара сатаабат буолла. Надзорнай тэрилтэ элбээбитэ мэһэйдэри үөскэтэр. Мин санаабар, бородууксуйаны туттарыыны уустугурдубакка, кэккэ чэпчэтиилэри оҥороллоро буоллар уонна үүт харчытын онон-манан эргиппэккэ, туттарбыт киһиэхэ тута бэйэтигэр биэрэллэрэ буоллар, бары өттүнэн көдьүүстээх буолуо этэ.

Баһаардар

— Сыл аайы баһаар бөҕө буолар. Үксүн өртөөһүн ыытыллыбатыттан баһаар тахсар. Урут үрэх баһынан, ыраах сирдэринэн тэлэһийэн оттуур буоллахпытына, билигин ол суох. Сэбиэскэй былаас кэмигэр күһүн, саас оройуон, нэһилиэктэр салалталара өртөөһүҥҥэ улахан болҕомтону уураллара. Билигин уруккулуу өртөөһүн умнулунна. Сопхуостар саҕана субай сүөһүнү, сылгыны дэриэбинэттэн лаппа ыраах мэччитэллэрэ. Оччолорго өртөөһүн ыытыллар, ыраах сытар ходуһалар оттонор, үрэх бастарынан сылгы, сүөһү мэччийэр буолан, үүммүт от лаҥхаҕа кубулуйбат этэ.
Билигин өрт бобуулаах, ыраах сирдэринэн тэлэһийэн оттообоппут, ыраах үрэх бастарынан сылгыбыт, сүөһүбүт мэччийбэт. Бу барыта баһаардар умайалларыгар төрүөт буолар.
Быйыл сайын ортото дэриэбинэ кытыытыгар былыр былыргыттан үүнэн турар күөх-чээл ойуурбутун кэртэрэ сатаан сүпсүлгэн бөҕө буоллубут. Баһаарынайдар надзордарын иниспиэктэрдэрэ прокуратуранан, суутунан таһыы бөҕө. Сотору, сотору ыстараап түһэрэллэр. Сайын ортото бэйэтэ да кырыымчык бүддьүөппүтүттэн үбү булан, мас кэртэрэр кыахпыт суоҕун өйдөөбөттөр. Үксүн ойуур баһаардара ыраахтан умайан кэлэн, дьон олорор сирдэригэр суоһуур. Инникитин ыстараабынан эрэ үлүһүйбэккэ, баһаар хантан күөдьүйэн тахсарын бопсуохха. Эппитим курдук өртөөһүнү иҥин тэрийэн.

Тобуруокап ыллыгынан хаамсыах

-“Тобуруокап көмүс күһүнэ” пандемия кэмигэр тохтуу сылдьыбытын кэнниттэн быйыл ыытыллар буолбутун истэн, элбэх киһи долгуйа күүппүтэ. Ол да курдук, быйыл дьону-сэргэни, ыалдьыттары көрсөргө элбэх тутуу барбыта харахха быраҕылынна. Аҥаардас “Тобуруокап ыллыга” курдук үйэлээх тутуу хайдахтаах курдук үөрүүнүй?
-“Тобуруокап ыллыгын” 2021 сылтан саҕалаабыппыт. Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырайыагынан (ППМИ) туттубут. Арассыыйаҕа киэҥник тарҕаммыт бу бырайыак быһыытынан, олохтоох таһымҥа социальнай боппуруостар быһаарыллаллар, онуоха көҕүлээһиннэри бэлэмнииргэ, хос үбүлээһиҥҥэ, бырайыагы олоххо киллэрии хаамыытын хонтуруоллуурга нэһилиэнньэ быһаччы кыттар. Бүддьүөттэн үбүлэнэр бырайыакка улуус икки сылга биирдии квотаны биэрбитэ.


Икки сыл Саха сирин норуодунай бэйиэтэ Петр Николаевич Тобуруокапка анаан, үйэтитэр үлэлэри ыытарга квота биэрбиттэрин көмүскээтибит, барыта 4 мөлүйүөн суумалаах үлэни ыыттыбыт. Тааттаттан төрүттээх, билигин Нам улууһугар олорор Алексей Алексеевич Федосеев диэн уран тарбахтаах киһи тэрилтэтэ куонкуруска кыайан, биһиэхэ кэлэн “Тобуруокап ыллыгар” суруйааччы айымньыларынан мас оҥоһуктары чочуйан туруорда. Бэйэлэрэ мастарын илдьэ кэлэн (биһиэхэ сөптөөх маспыт да суох), умсулҕаннаах үлэҕэ ылсан, үөрэ-көтө үлэлээтилэр. Онон тиит мастан оҥоһуллубут бөҕө-таҕа, кыраһыабай көстүүлээх оҥоһуктар олохтоохтор уонна улууспут ыалдьыттарын үөрдэ-көтүтэ, нэһилиэкпит биир кэрэ-бэлиэ миэстэтинэн буола турдаҕа. Бүлүү эбэ кытылыгар нэлэһийэн сытар Сэмэнээс Даркылааҕар (Тобуруокап балыктыыр сиригэр) эмиэ саҥа тутуулары ыытан, ыалдьыттарбытын үөрэ-көтө, киэн тутта көрүстүбүт.


Онтон Тобуруокап түмэлин туһунан эттэххэ, эмиэ улуус дьаһалтатын кытары үлэлэһэммит, улуус дьаһалтата үбүлээн бэйиэт эргэрбит дьиэтин көтүрэн саҥаттан туттубут, мусуой дьиэбитин уларытан, саҥардан биэрдибит. Ити курдук, дьону сэргэхситэр кыах баар буоллаҕына, дьону-сэргэни түмэр, кэрэҕэ сирдиир, духуобунай баайы байытар тэрээһиннэри ыытан иһиэхтээхпит дии саныыбын. «Тобуруокап көмүс күһүнэ» икки сылынан эмиэ ыалдьыттарын ыҥырыа, онно эмиэ туох эмэ саҥаны киллэрэр, сонуну толкуйдуур баҕалаахпыт. Ити барыта салайааччыга эбээһинэс курдук буолуохтаах. Олорон хааллахха олорон хаалыахха сөп…
Бэйэҕит билэргит курдук, “Тобуруокап көмүс күһүнүгэр” кыттааччы уонна ыалдьыт ахсаана сыл аайы эбиллэ турбута, ыраах Кэбээйи Мукучутуттан тиийэ элбэх киһилээх дэлэгээссийэлэр кэлэллэрэ. Арай, быйыл күһүн ыйы быһа тохтоло суох ардаан, федеральнай суолбут алдьана, мөлтүү сылдьыбыта, дьон онтон да салла быһыытыйда быһылаах… Мин «Тобуруокап көмүс күһүнэ» ыытыллыбытын тухары баһылык быһыытынан эҕэрдэбэр: «Ытык киһибит Бүөтүр Ньукулаайабыс үөһэттэн арчылыыр, араҥаччылыыр, онон ардах түспэт», -– диэн санааларын көтөҕөбүн. Элбэх киһи баҕа санаата түмүллэн, көстүбэт күүстэр туһалыыр, арчылыыр курдуктар. Быйыл даҕаны үгүс киһи тоҕуоруһан, хоһооннорун хото ааҕан, санааларын сайҕаан, көхтөөхтүк кыттан астынан барбытыттан үөрэбит.
— 2011 сылтан саҕалаан, үһүс болдьоххор баһылыктыы олорор киһи санаатынан, нэһилиэк баһылыга диэн ким-туох буолуохтааҕый?
— «Баһылык үлэтин билиэххин баҕардаххына, кини дуоһунаһыгар олорон көр» диэн баар. Оччоҕо эрэ эт мэйиигинэн, эккинэн-хааҥҥынан билэҕин. Баһылыгы ким да анаабат, норуот, дьонуҥ-сэргэҥ талар. Норуот кыраҕы харахтаах.

ххх

Чахчыта да, Нам нэһилиэгэ сылтан сыл аайы тупсарын, сэргэх олохтооҕун сылдьыбыт эрэ киһи бэлиэтии көрөр. Быйыл Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр үгүс ыалдьыты дьоһуннаах тутуулардаах, дьону түһэрэр социальнай эбийиэктэрдээх, ыалдьытымсах дьонноох Нам нэһилиэгэр олохтообуттара да элбэҕи этэр.
Нэһилиэк сайдарын, ыччат дьон олохсуйарын туһугар элбэх үлэ ыытыллар. Уулуссалар уотунан сырдатылыннылар, хаарбах дьиэлэртэн көһөөччүлэргэ саҥа дьиэ тутуллар. Эһиил кулууп дьиэтэ бүтэн, дьон-сэргэ мустар, араас тэрээһиннэри ыытар култуура киининэн буолуоҕа. Кыһыҥҥы уу ситимин тардарга тэрээһин үлэтэ барар. Нэһилиэк иһинээҕи суоллар тупсарыллаллар. Оҕо уһуйаанын дьиэтин бырайыага оҥоһуллар. Дьон-сэргэ төрөөбүт-үөскээбит сиригэр олохсуйар баҕалаах, уһаайба ыларга былдьаһык.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Үөһээ Бүлүү сиҥнэр биэрэгэ оҥоһуллан бүттэҕинэ, Нам биэрэгэ эмиэ тупсарылларын туһунан эппитин олохтоохтор эрэнэ күүтэллэр.
Түмүккэ Александр Кардашевскай суруйааччылар тахсыбыт, үс норуодунай ааттаах дьонноох, инники кэскиллээх Нам нэһилиэгэ үүнэ-сайда турарыгар, социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньата туруктаах буоларыгар кылааттарын киллэрэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаевка, улуус баһылыга Владимир Поскачиҥҥа, атын сиргэ олорор биир дойдулаахтарыгар уонна, биллэн турар, нэһилиэк олохтоохторугар махталын биллэрдэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: