Баһыылка ыытарга аэропорка тустаах өҥөнү оҥороллор
Бу күннэргэ бассаап ситиминэн “Дьокуускай аэропорда» АУо генеральнай дириэктэрэ Сергей Игнатенкоҕа сигэниилээх аэропорт терминалыгар 30 кг кыра кээмэйдээх курууһу ылар өҥө аһыллыбытын туһунан иһитиннэрии тарҕанна.
Онно Арассыыйа уонна Саха сирин 39 хайысхатыгар чэпчэки курууһу, баһыылканы ыытыахха сөбүн туһунан этиллэр. Кырдьык, тустаах дьоҥҥо олус туһалаах иһитиннэрии. Бу төһө олохтооҕун билээри «Дьокуускай аэропорда” АУо пресс-сулууспатын салайааччыта Саргылана Сандары кытта кэпсэтэн, маннык хоруйу ыллыбыт:
— 30 кг диэри аччыгый кээмэйдээх курууһу ылыы өҥөтө 2019 сылтан үлэлиир. Докумуону эбэтэр баһыылканы аэровокзал 1-кы этээһигэр баар 11-с №-дээх стойкаҕа тиийэн туттарыаххытын сөп. Өҥө сарсыарда 5:00 чаастан күнүс 13:00 чааска диэри оҥоһуллар. Сиһилии интэриниэттэн https://yks.aero/cargo/services аадырыһы булан билсиэххитин сөп.
Онон аны тустаах туһаайыыга көтөр дьонтон көрдөспөккө-ааттаспакка, анал стойкаҕа тиийэн туттардаххытына, сакааскытын аадырыһыгар тиэрдэллэр эбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: