Байаҕантай төрөөбүт күнүгэр Брайл кинигэтэ сүрэхтэннэ

Share

Бүгүн, балаҕан ыйын 26 күнүгэр,  тиэхиньиичэскэй наука доктора, РНА Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ,  бэйиэт, суруйааччы, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Егор Гаврильевич Старостин-Байаҕантай төрөөбүт күнэ. Кини  төрөөбүт күнүн саха литературатыгар биир сэдэх көстүүнэн бэлиэтээтилэр. Ол эбэтэр, Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар кини хоһооннорун уонна кэпсээннэрин мөлтөхтүк көрөр уонна көрбөт дьоҥҥо анаан Брайл систиэмэтинэн бэчээттэммитин сүрэхтээтилэр.

Бырайыак ааптара — үөрэххэ ураты наадыйар устудьуоннар, аспираннар уонна исписэлиистэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ, педагогика наукатын хандьыдаата, ХИФУ инклюзивнай үөрэхтээһин сайдыытыгар Хотугулуу-Илиҥҥи научнай-инновационнай киин дириэктэрэ Пантелеймон Романович Егоров. Версткаҕа уонна брайловскай принтергэ Л.Э.Алексеев бэчээттээбит, брошюропка уонна переплет үлэтин Д.М.Фомин оҥорбут.

Хомуурунньук  сүрэхтэниитигэр Егор Старостин доҕотторо, үрдүк үөрэх кыһатыгар бииргэ үөрэммиттэрэ, биир идэлээхтэрэ, чугас дьонноро, бэйиэттэр, суруйааччылар уонна  кини поэзиятыгар сүгүрүйээччилэр кытыннылар. Литературнай тэрээһини национальнай бибилэтиэкэ   исписэлииһэ Александра Геннадиевна Попова иилээн-саҕалаан   ыытта.

Пантелеймон Романович Егоров “Егор Гаврильевич наһаа элбэх хоһоону, кэпсээни суруйбута. Бэл,  арамааҥҥа ылсыбыта.  Кини хоһоонноро дириҥ философскай  өйдөбүллээхтэр, лирическэй тыыннаахтар. Хас биирдии хоһооно киһи дууһатын таарыйар. Ол да иһин, көрбөт оҕолор, улахан  дьон Байаҕантай поэзиятын билистиннэр, саха тылын үөрэттиннэр диэммин айымньыларын Брайл систиэмэтигэр киллэрэргэ санаммытым”, — диэн  Егор Гаврильевич  олоҕун аргыһа Лариса Петровна Старостина бэчээттииргэ көҥүл биэрбитигэр махтанна.

Бэйиэт хоһооннорун Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын уонна М.К.Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннара доргуччу аахтылар. Салайааччылара, филология наукатын доктора   Валентина Григорьевна Семенова Байаҕантай поэзиятын “Кыым” хаһыакка бэчээттэппитигэр кини оҕолуу үөрбүтүн, сөбүлээбитин уонна поэзиятыгар сүгүрүйээччилэр элбэхтэрин туһунан эттэ. Ол туоһута – бүгүн саха сайдам ыччата кини хоһооннорун ис дууһаларыттан долгуйан, сүрэхтэрин сылааһын биэрэн туран аахпыттара буолла.

Төрөөбүт күнэ бэлиэтэнэр бэйиэт олоҕун, айар үлэтин туһунан  үрдүк үөрэххэ бииргэ үөрэммит доҕотторо, биир идэлээхтэрэ ахтан-санаан аастылар. Кинилэр үгүстэрэ  Егор Старостин хоһоон суруйарын, Байаҕантай диэн псевдоним ылыммытын хойут билбиттэрин уонна чахчы айылҕаттан талааннаах бэйиэт аттыларыгар олорон, үлэлээн  ааспытын, бэйэтигэр олус сөптөөх ааты ылыммытын, кэлэктиибигэр кинини ытыктыылларын, убаастыылларын  туһунан эттилэр.

Биир идэлээҕэ Егор Николаевич Петров Байаҕантайга анаабыт хоһоонун аахта. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Туйаара Готовцева, Петр Атласов бэйиэт үгүс ахсааннаах айымньытыттан сөбүлээбит  хоһооннорун аахтылар.

Өлүөхүмэттэн төрүттээх бэйиэт, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Эдуард Корнилов Байаҕантай поэзиятыгар санаатын үллэһиннэ. СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, “Полярнаяя звезда” сурунаал эрэдээктэрэ  Владислав Доллонов бииргэ алтыспыт, сурунаалга бэчээттэммит кэмнэрин уо.д.а. чугас доҕор уонна кини поэзиятыгар сүгүрүйээччи быһыытынан санаатын үллэһиннэ.

Байаҕантай тыыннааҕар  “Мин хоһооннорум кыайан ырыа буолар аналлара суох быһыылаах” диэн хомойо соҕус этэрин туһунан ахтан аастылар. Ол эрэн, бүгүн кини хоһоонугар  үс саҥа ырыа толоруллан, бэйиэт хоһоонноро ырыа буолар дьылҕалаахтарын итэҕэйдибит. Мелодистка Марианна Макарова бэйэтин матыыбыгар гитараҕа доҕуһуоллаан толорбут ырыалара киһи дууһатын уоскутар наҕыл-намчы ырыалар буолбуттар.

Мария ЕФРЕМОВА (Саха сиринээҕи наука киинин пресс-сулууспата) хаартыскалара

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

13 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago